Василий Жирков, 1 Хомустаах нэһилиэгин баһылыга:

- «1000 дворов на Дальнем Востоке» программанан биһиэхэ 13 мөл. суумалаах үлэ оҥоһулунна. Ол курдук, 6 мөл. солк. тахсаҕа оборудование аҕалан туруорулунна уонна 6 мөл. тахсаҕа тротуар, сымнаҕас хонуу, арыттаах муоста, күрүө-хаһаа тутулунна. Элбэх үлэ сирин оҥоруутугар барда. Тутуу барбыт сирэ уулаах-хаардаах, инчэҕэй этэ. Онно олус элбэх кумах, буор кутуллан оҥоһулунна.

Былаһаакка оборудованиета хаачыстыбата үчүгэй, биһиги нэһилиэкпитигэр маннык үрдүк таһымнаах оборудование бастакытын кэллэ. Мин баҕам диэн, маны сыаналыахха. Хас биирдии нэһилиэккэ маннык тупсаҕай оҥоһуулаах былаһааккалар суохтар. Үтүмэн үп-харчы көрүллэн оҥоһуллубут
үлэни харыстыахха.

@gazetaensieli