Баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин кытаанахтык тутуһаргытыгар ыҥырабыт!
Убаастабыллаах Наммыт улууһун олохтоохторо уонна ыалдьыттар!
Уоттан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин кытаанахтык тутуһаргытыгар, сэрэхтээх уонна болҕомтолоох буоларгытыгар ыҥырабыт!
Баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимин кэмигэр ойуурга ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэриттэн, итиэннэ баһаары умуорааччылартан ураты тырааныспар киирэрэ, ойуурга сылдьыы, аһаҕас уоту оттуу кытаанахтык бобуллар!Ойуурга, тыаҕа, нэһилиэнньэлээх пууҥҥа буруону, уоту көрдөххүтүнэ тутамобильнай телефонунан 101 – баһаарынай сулууспаҕа, Намнааҕы Биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа (ЕДДС) – 112, 8 (411 62)42-508,Намнааҕы лесничествоҕа – 8 (411 62) 42-355 эрийэн суһаллык биллэриҥ!
"Нам улууһа” МТ пресс - сулууспата
...
«Сылгыһыт күрэҕэ — 2024»
Бүгүн Нам улууһун 1 Хомустаах нэһилиэгэр «Сылгыһыт күрэҕэ - 2024» ыытыллыаҕа.
Бу күрэх 1 Хомустаах нэһилиэгэр сылгыны үөрдээн иитиигэ дьоһун кылааттарын киллэрбит чулуу сылгыһыттар Аргунов Авксентий Тимофеевич, Григорьев Петр Тимофеевич, Муксунов Иван Андреевич, Николаев Павел Гаврильевич ааттарын үйэтитиигэ ананар. Күрэх сүрүн бириистэрэ кинилэр дьиэ кэргэттэрин ааттарыттан турдулар.
Сылгыһыт күрэҕин түмүгэ
800 м сүүрүү:
1 миэстэ - Модут нэһилиэгэ2 миэстэ - 1 Хомустаах бастакы хамаандата3 миэстэ - 1 Хомустаах иккис хамаандата4 миэстэ - Аппаны6 миэстэ - Үөдэй
Хамаанданан күрэххэ:
1 миэстэ - 1 Хомустаах бастакы хамаандата2 миэстэ - Никольскай3 миэстэ - 1 Хомустаах иккис хамаандата4 миэстэ - Модут5 миэстэ - Үөдэй6 миэстэ - Аппааны
...
Оҕо ситиһиитэ – төрөппүт үөрүүтэ, киэн туттуута!
Um-Redactor 15.02.24 10:48
Орто дойду олоҕо дьиэ кэргэнтэн саҕаланар, дьиэ кэргэнтэн түстэнэр. Оҕо дьылҕатын суола дьиэ кэргэн хайдах туруктааҕыттан салаллар. Дьиэ кэргэҥҥэ эйэ баһылыыра бэйэни өйдөһүүттэн саҕаланар. Кэргэнниилэр икки ардыларыгар эрэллэрин, өйөбүллэрин, тапталларын ордук тупсаран, сайыннаран иһэллэриттэн дьылҕалара кинилэргэ утары буолуоҕа, олох көнө суолугар үктэннэриэҕэ. Оччотугар оҕолорун холумтаннарын тэрийиэхтэрэ, кэнэҕэски ыччаттарыгар кир-хах сыстыаҕынааҕар үтүө дьайыылар арыаллыыр буолуохтара.
Россия Президенэ Владимир Путин хас биирдии ыал чиҥ олохтоноругар Дойду үрдүнэн 2024 сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрдэ. Оттон Ил Дархан Айсен Николаев Дьиэ кэргэн сылын ситэрэн өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылын ааттаата. Наммыт улууһун б...
Нам улууһун 1 Хомустааҕар Мас-рестлинг
Нам улууһун 1 Хомустааҕар олунньу 10-11 күннэригэр Константиновтар дьиэ кэргэттэрин бириистэригэр мас-рестлиҥҥа нэһилиэктэр сүүмэрдэммит хамаандалара көрсүөхтэрэ.
Мас-рестлинг I түһүмэҕэр олунньу 10 күнүгэр дьахталлар 50 кг, 55 кг, 60 кг, 65 кг, 75 кг, 85 кг, 85 кг үөһэ уонна ветеран эр дьон 65 кг, 75 кг, 85 кг, 85 кг үөһэ ыйааһыннарга күрэхтэһиэхтэрэ.Күрэхтэһии сарсыныгар эр дьон 60 кг, 65 кг, 70 кг, 75 кг, 80 кг, 90 кг, 105 кг, 125 кг, 125 кг үөһэ ыйааһыннарга көрсүөхтэрэ.
...
КРАСНОЯРСКАЯ ПОКРОВСКАЯ ЦЕРКОВЬ
Прошение о строительстве церкви было в 1857 году (НА РС(Я), Ф44, оп.1, д.199) следующего содержания:
«Якутская духовная академия от 9 октября 1857 года № 973. В Намскую иногородную управу. Духовные правления выслушали резолюцию Его Высокопросвещенства данный на прошение Намского улуса Хомустахского наслега на сооружение церкви на местности Красный Яр.
Определено: На основании статей устава Духовной консистории о сооружении церквей §44 и §45 требовать: Назначить положительное место церкви принять в соображения прочности и удобства для проживания священноцерковно служителей в местности содержание церкви, т.е. отопление церкви, караул, трапезника. Вы стройте дома для священноцерковно служителей совместно с домовыми принадлежностями. Отвести усадебные и сенокосные земли для священноцерк...