Понедельник, 9 декабряРеспублика Саха (Якутия), Намский улус >
Shadow

Текущие новости

Баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин кытаанахтык тутуһаргытыгар ыҥырабыт!

Баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин кытаанахтык тутуһаргытыгар ыҥырабыт!

Текущие новости
Убаастабыллаах Наммыт улууһун олохтоохторо уонна ыалдьыттар! Уоттан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин кытаанахтык тутуһаргытыгар, сэрэхтээх уонна болҕомтолоох буоларгытыгар ыҥырабыт! Баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимин кэмигэр ойуурга ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэриттэн, итиэннэ баһаары умуорааччылартан ураты тырааныспар киирэрэ, ойуурга сылдьыы, аһаҕас уоту оттуу кытаанахтык бобуллар!Ойуурга, тыаҕа, нэһилиэнньэлээх пууҥҥа буруону, уоту көрдөххүтүнэ тутамобильнай телефонунан 101 – баһаарынай сулууспаҕа, Намнааҕы Биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа (ЕДДС) – 112, 8 (411 62)42-508,Намнааҕы лесничествоҕа – 8 (411 62) 42-355 эрийэн суһаллык биллэриҥ! "Нам улууһа” МТ пресс - сулууспата ...
«Сылгыһыт күрэҕэ — 2024»

«Сылгыһыт күрэҕэ — 2024»

Спорт, Текущие новости
Бүгүн Нам улууһун 1 Хомустаах нэһилиэгэр «Сылгыһыт күрэҕэ - 2024» ыытыллыаҕа. Бу күрэх 1 Хомустаах нэһилиэгэр сылгыны үөрдээн иитиигэ дьоһун кылааттарын киллэрбит чулуу сылгыһыттар Аргунов Авксентий Тимофеевич, Григорьев Петр Тимофеевич, Муксунов Иван Андреевич, Николаев Павел Гаврильевич ааттарын үйэтитиигэ ананар. Күрэх сүрүн бириистэрэ кинилэр дьиэ кэргэттэрин ааттарыттан турдулар. Сылгыһыт күрэҕин түмүгэ 800 м сүүрүү: 1 миэстэ - Модут нэһилиэгэ2 миэстэ - 1 Хомустаах бастакы хамаандата3 миэстэ - 1 Хомустаах иккис хамаандата4 миэстэ - Аппаны6 миэстэ - Үөдэй Хамаанданан күрэххэ: 1 миэстэ - 1 Хомустаах бастакы хамаандата2 миэстэ - Никольскай3 миэстэ - 1 Хомустаах иккис хамаандата4 миэстэ - Модут5 миэстэ - Үөдэй6 миэстэ - Аппааны ...
Нам улууһун 1 Хомустааҕар Мас-рестлинг

Нам улууһун 1 Хомустааҕар Мас-рестлинг

Спорт, Текущие новости
Нам улууһун 1 Хомустааҕар олунньу 10-11 күннэригэр Константиновтар дьиэ кэргэттэрин бириистэригэр мас-рестлиҥҥа нэһилиэктэр сүүмэрдэммит хамаандалара көрсүөхтэрэ. Мас-рестлинг I түһүмэҕэр олунньу 10 күнүгэр дьахталлар 50 кг, 55 кг, 60 кг, 65 кг, 75 кг, 85 кг, 85 кг үөһэ уонна ветеран эр дьон 65 кг, 75 кг, 85 кг, 85 кг үөһэ ыйааһыннарга күрэхтэһиэхтэрэ.Күрэхтэһии сарсыныгар эр дьон 60 кг, 65 кг, 70 кг, 75 кг, 80 кг, 90 кг, 105 кг, 125 кг, 125 кг үөһэ ыйааһыннарга көрсүөхтэрэ. ...