Николай Филиппович Азаров сырдык аата ааттана турдун!
04 ноября, 2021 https://algys1homustah.blogspot.com/2021/11/70.html
Биир үтүө күн үөрэнээччибин Аня Мылаханованы көрсөн кэпсэттибит. Анна нэһилиэкпитигэр «Тыа сирин кулууба үлэтин са5алаабыта 70 сыла» туоларынан, онно үлэлээбит, нэһилиэк культурнай оло5ор актыыбынай кыттыыны ылбыт дьон туһунан ахтыы хомуйа сылдьалларын кэпсээтэ. Миигиттэн ахтыы суруйуон дуо диэн көрдөһүүлээх буолла.
Онно туран харахпар нууччалыы сэбэрэлээх, куудара баттахтаах Коля Азаров көстөн кэллэ. Кинини о5о эрдэхпиттэн билэрим. Балта Маша о5о сааһым дьүөгэтэ. Коля мин убайбынаан до5ордуулар. Машалыын уһун күнү быһа бииргэ оонньоон улааттахпыт. Онон бу ыалтан арахпаппын.
Биһиги кыра кылааска үөрэнэрбитигэр Коля Төӊүлү оскуолатын бүтэрэн ЯПУ-1 физкультурнай салаатыгар үөрэнэрэ.&n...