Um-Redactor 15.02.24 10:48
Орто дойду олоҕо дьиэ кэргэнтэн саҕаланар, дьиэ кэргэнтэн түстэнэр. Оҕо дьылҕатын суола дьиэ кэргэн хайдах туруктааҕыттан салаллар. Дьиэ кэргэҥҥэ эйэ баһылыыра бэйэни өйдөһүүттэн саҕаланар. Кэргэнниилэр икки ардыларыгар эрэллэрин, өйөбүллэрин, тапталларын ордук тупсаран, сайыннаран иһэллэриттэн дьылҕалара кинилэргэ утары буолуоҕа, олох көнө суолугар үктэннэриэҕэ. Оччотугар оҕолорун холумтаннарын тэрийиэхтэрэ, кэнэҕэски ыччаттарыгар кир-хах сыстыаҕынааҕар үтүө дьайыылар арыаллыыр буолуохтара.
Россия Президенэ Владимир Путин хас биирдии ыал чиҥ олохтоноругар Дойду үрдүнэн 2024 сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрдэ. Оттон Ил Дархан Айсен Николаев Дьиэ кэргэн сылын ситэрэн өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылын ааттаата. Наммыт улууһун баһылыга Юрий Слепцов өссө чиҥэтэн улууска Оҕо спордун сыла буоларын иһитиннэрбитэ.
Үрдүк аат-суол кэлиитэ бэрт сэмэйдик саҕаланар
Нам улууһугар спордунан олорор, спорду өрө тутар ыалларынан 1 Хомустаахтан төрүттээх Константиновтар буолаллар! Аҕалара Николай Элляевич күн бүгүнүгэр диэри мас тардыһыыны сайыннарарга күүһүн уурар, кылаатын киллэрэр. Николай Константинов Россия сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ.
Аҕа баһылык Николай Константинов уһун-унньуктаах үлэтин бэрт сэмэйдик саҕалаабыт. Ол курдук, Николай Элляевич Бастакы Хомустаахха, чуолаан, мас тардыһыыга нэһилиэнньэни бэйэтин баҕатынан уһуйбута. Төрөөбүт нэһилиэгэр бары күүһүн ууран үлэлиир эрдэҕинэ, улууска «хомустаахтар, Элляевич уолаттара кими да өрө көрдөрбөттөр этэ» диэн кэпсэлгэ киирбиттэрэ.
Үгүс көрүҥҥэ үчүгэй көрдөрүүлэри ситиспит Николай аҕата Эллэй Николаевич олоҕун устата суоппардыан иннинэ, эдэригэр болуотунньугунан үлэлээбит. Оттон ийэтэ Татьяна Васильевна уол кыра эрдэҕинэ библиотекарынан, кэлин Сэбиэт председателинэн анаммыт. Татьяна Васильевна уһун сынньалаҥҥа барыар диэри 1 Хомустаахха Сэбиэккэ сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Хомустаах ыала Константиновтар үс киһиэхэ күн сирин көрдөрбүттэр, олох үчүгэйин бэлэхтээбиттэр: улахан убайтан Николайтан үс сыл балыс 1960 сыллаах балта Екатерина уонна 1959 сыллаах быраата Виктор билигин Нам улууһугар бааллар. Николай Элляевич ахтарынан, ийэлэрэ оҕолорун библиотекаҕа кыра эрдэхтэриттэн сылдьарга, кинигэни ааҕарга үөрэппит. Холобура, уруоктан сынньалаҥ кэмигэр табаарыстарын кытта библиотекаҕа сүүрэн тиийэннэр кинигэ уларсалларын күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри өйдүүр.
Николай Константинов оскуолаҕа үөрэнэрин саҕана араас секцияларга сылдьыбыт: баскетбол, волейбол, тустуу, бокса, хайыһар. Оччотооҕу оҕолор физкультура учууталыгар табыллыбыттар – бастыҥ физкультурник Николай Азаров! Ол курдук, уол оҕоҕо спорка сыстыы бастакы уотун күөдьүппүт Николай Филиппович буоларын Николай Элляевич туоһулуур. Салгыы, сулууспалыыр сылларыгар, хайыһарга бастакы разряды дивизияҕа сүүмэрдэммит хамаандаттан сүүрэн толорбут.
Константиновтар дьиэ кэргэттэриттэн куорсун анньынан, аны бэйэтэ алаһа дьиэ тэринэр сааһа тиийэн кэлэр. Волейболу сөбүлээн, ылларан оонньуур кэргэнэ Мария Афанасьевна Тулагы Сыырдааҕыттан төрүттээх. Сирдээҕи аналын кытта хайдах билсибит эбитий? Оччолорго Хомустаах-Тулагы диэн табаарыстыы спортивнай күрэхтэһиилэр ыытыллалларын сүрүн тренер чопчулуур. Намыына уонна Сергей диэн төрөппүттэрин суолларын салгыыр оҕолордоохтор. Бүгүҥҥү күҥҥэ Василий Манчаары аатынан спорт национальнай көрүҥнэрин республикатааҕы «Модун» киинигэр 2000 сыллаахтан үлэлиир сүрүн тренер Константинов биһиги истиэхпитин баҕарбыппытын барытын сиһилии кэпсиэҕэ.
Оҕолорбутун спорт саалаҕа сиргэ сыылла сылдьыахтарыттан илдьэ сылдьыбыппыт. Ол курдук, кэргэмминээн киэһэ аайы Хомустаах спорт саалатыгар волейболга, баскетболга эрчиллэрбит. Мин уолаттары маска дьарыктыыр этим. Төрөппүт уолбун сүрүн приемнарга өссө оҕо саадыгар сырыттаҕына үөрэтэн саҕалаабытым.
Онтон 1999 сыллаахха куоракка көһөн кэлбиппит. Уолум Сергей алын кылааска үөрэнэ сылдьан «Зал борьбы» тустуу секциятыгар Кочкин Иннокентий Семеновичка уонна Никифоров Никита Николаевичка эрчиллибитэ. Хайдах дьарыктанарын бэйэм элбэхтэ тиийэн көрбүтүм. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар, мин салалтабынан маһынан эрэ буолбакка, боксаҕа эмиэ уһуйуллубута. Ону таһынан, «Модун» киин спортивнай инструкторыгар Эверстова Оксана Федоровнаҕа хары баттыһыытыгар холоммута. Армияҕа барыан эрэ иннинэ, Тургун Попов «Урааҥхай» кулуубугар булкаас единоборствоҕа ылларбыта. Дьэ, ити курдук маһыттан тэйдэр-тэйэн, умна быһыытыйан испитэ. «Аҕаҥ туйаҕын хатарымаары гыннын, мас тардыһыыга маастары толоруон этэ» диэн этэн турабын. Ол оннук хаалбыта… Онтон 2014 сыллаахха Саха сиригэр буолбут маҥнайгы Аан дойду чемпионатын эт хараҕынан биир тохтоло суохтук кэтээн көрбүтэ. Уоттаммыт хараҕар аныгыс чемпионакка тахсыам диэн быһаарыныыта курдаттыы көстөрө. Өр күүттэрбэтэҕэ, 6-7 сыл тохтобул кэнниттэн киһим маска төннөн эрчиллэн барбыта. Бэлиэтээн эттэххэ, 2016 сыллаахха Киргизияҕа Аан дойду чемпионатыгар барыахтаах этэ даҕаны, илиитин тоһутан кыһыылаахтык көрдөрөн туран маппыта. Сыалын-соругун 2018 сыллаахха үһүс ыытыллыбыт чемпионакка эрэллээхтик толорбута. Сахалартан норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастары бастакынан ылары ситиспит – Сергей Константинов! Онон, Сережам бары көрүҥү барытын боруобалаабыт киһи.
Кыыһым Намыына кыргыттарга Россия, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах күрэхтэһиилэргэ бастаабыта, онтон дьахталларга таһым олох атын буоллаҕа, тохтоппута. Кыыспын мастан тэйиппитим. Ону тэҥэ, кыыс оҕо буолан атаахтыыр, сорох ардыгар, эппиккин толорбот. Намыынам билигин судьуйалыыр үлэҕэ сылдьар – республикаттан саҕалаан бары таһымнаах күрэхтэһиилэргэ судьуйалаата, көрдө-иһиттэ.
Дьахтар аймахха эрэ буолбакка, мас тардыһыы ыарахан, ылбычча киһи соруммат, кыайбат көрүҥэ. Холобура, киһиэхэ кыайыы куруук баар буолбат. Дьон хотторон-хотторон тахсар куолута. Маны тулуйуохха наада. Уһулуччу тахсыылаах түмүк көрдөрөр туһуттан, бэйэ бодоҕун тардынан туох бааргын барытын ууран эрчиллэргиттэн элбэх тутулуктаах.
ОЧЧОТТОН-БАЧЧАҔА ДИЭРИ ҮЛЭ КҮӨСТҮҮ ОРГУЙАР
1987 сыллаахха Төҥүлүттэн төрөөбүт дойдубар кэлэн спорт саалаҕа үлэлиирим саҕана, улуус комплекснай спартакиадатыгар 11-12 сыл субуруччу бастаабыппыт. Ол курдук, мас тардыһыыга дьону эрчийбитим быйыл лоп курдук 30 сыл буолла. Маска кэлбитим эмиэ туһунан историялаах. Биирдэ 1992 сыл тохсунньугар Чурапчыга саҥа быраабыланан мас тардыһыыга республика аан маҥнайгы чемпионата ыытыллаары турар. Намҥа сүүмэрдиир күрэхтэһии буолбутугар ыйааһыммар кыайан кэбиспитим. Ити курдук 35 сааспар улууһум хамаандатыгар киирэн аны Саха сирин чемпионатын ылабын. Бастаан бараммын бэйэм да соһуйбутум. Онтон толкуйга түспүтүм, бу көрүҥҥэ маастары толорор сыал-сорук туруоруммутум уонна ону 1994 сыллаахха ситиспитим.
Маска эрчийбит уолаттарбыттан Николай Сысолятин маастар нуорматын толорбута. Мас тардыһыык Игнат Харитонов физкультурнайы бүтэрэн Хамаҕаттаҕа идэтинэн үлэлии сылдьыбыта. Оттон боксаҕа эрчийбит уолум Константин Стручков Хомустаахха физкультура учуутала. Итинник, боксаҕа даҕаны, маска даҕаны аахтахха үчүгэй уолаттар бааллар.
Бокса туһунан кэпсээтэххэ, 1 Хомустаахха Намнааҕы Оҕо спортивнай оскуолатын боксаҕа филиала арыллан үлэлииригэр «эн бастакы тренер этин дуо» дииргэр. Бастакы тренер 1984 сыллаахха миигин кытта бииргэ үөрэммит норуоттар икки ардыларынааҕы маастар Виктор Ефремов этэ. Онтон мин кэлбитим.
Бокса көрүҥэр урут-уруккуттан, оҕо эрдэхпиттэн ымсыырар этим. Оскуолаҕа сылдьан дьиэбитигэр охсор груша атыылаһан бырааппынаан киирсэр этибит. Ол курдук, СГУ-га устудьуоннуур кэммэр, 1984 сылга диэри САССР үтүөлээх тренердэрэ Ларионов Сергей Степановичка, Тыасытов Александр Афанасьевичка дьарыктаммытым. 1980-с сылларыгар мас тардыһыы норуокка оннук интэриэһи ыла илигэ. Үөрэхпин бүтэриэхпэр диэри биэс сыл устата боксаны өрө тутар кэммэр, уопсайга уолаттар былыргы быраабыланан мас тардыһаллар этэ. Мин көрөр этим – Дмитрий Шарины, Петр Каратаевы, Виктор Николаев-Хотойу.
Күрэхтэһиилэргэ мин саҕанааҕы уолаттар, боксаҕа Габышев Артурдуун үгүстэ көрсүбүппүт. Мас тардыһыытыгар, мадьынылар элбэхтэр буоллаҕа. Дмитрий Кельциев, Николай Винокуров, Михаил Черкашин, Роман Романов курдук мадьынылары кытта кыайыы иһин, хардары-таары бэйэ-бэйэбитин кытта эт-тирии бараныар диэри кииристэхпит дии.
ЭБЭЭ, ЭҺЭЭ ҮЛЭТИГЭР ИИТИЛЛЭН
Оҕо сааһым Нам улууһун Хомустааҕар ааспыта. Саамай өйдөөн хаалбытым, Сэбиэскэй былаас саҕана оҕолор сайын уһун сынньалаҥнарыгар бары күргүөмнээхтик звенонан оттуу бараллара. Оттон мин төһө да үгүс оҕо оттуу барарыгар ымсыырдарбын, эһэлээх эбэм совхозка туһунан от туттарар былааннаах буоланнар, үс ый устата куруук кинилэри кытта оттуурум, үлэлиирим.
Уруккулар күн көрүөҕүттэн киириэр диэри күүскэ хамсаналлара, үлэни өрө туппут дьоннор. Эбэм Кэтириис бэрт кытаанах этэ. Эһэм Ньукулай сэттэ сааспар кыра хотуур оҥорон биэрбитэ. Аны алын кылаастарга оҕус сиэтэн бугул таһарым. Ат кэллэҕинэ дьол, үөрүү-көтүү буолара. Кэлин кыра от охсооччу, оҕус сиэтээччи уол 7-8 кылаастан кыдамаһыт аатын ылбытым. Ити курдук, оҕо сааспар уулуссаны мээрэйдээбэккэ хара үлэҕэ сылдьан, үлэни таптыыр буола улааппытым. Санаабар, бу барыта мас тардыһарбар, ыараханы көтөҕөрбөр көмөлөспүт курдук.
Ийэм да, эбэм да кэпсииринэн күүстээх өбүгэлэрдээҕим биллэр. Аҕам өттүнэн Саллайдар диэн аймахтар. Хос эһэм Саллай Сүөдэр улахан күүстээх киһинэн аатырар. Оттон ийэбинэн, киэҥ аймах Кэбээйи Сииттэтигэр уутуйан олорор. Бөдөҥ уҥуохтаах, бааһынайдыҥы хааннаах күүстээх таайдарбын кыра сылдьан көрөөччүм. Бииртэн хомойобун – ийэм баарыгар Кэбээйитээҕи аймахтарбын кытта чугастык билсибэтэхпиттэн. Манна олохсуйбуттары кытта сибээс тутар эбит буоллахпына, Сииттэҕэ баар саастаах өттүлэрин сурах эрэ хоту истэн билэбин.
Кыайыы (Виктор) уола Харысхан
Бэлиэтээн эттэххэ, Россияҕа Дьиэ кэргэн сылынан «Всей семьей» диэн бырайыак ыытыллар. Сиһилии всейсемьей.рф сайтка киирэн билсиҥ.
Источник https://энсиэли.рф/o5o-sitihiite-tereppyt-yeryyte-kien-tuttuuta/