Нам улууһун 1 Хомустааҕар олунньу 10-11 күннэригэр Константиновтар дьиэ кэргэттэрин бириистэригэр мас-рестлиҥҥа нэһилиэктэр сүүмэрдэммит хамаандалара көрсүөхтэрэ.
Мас-рестлинг I түһүмэҕэр олунньу 10 күнүгэр дьахталлар 50 кг, 55 кг, 60 кг, 65 кг, 75 кг, 85 кг, 85 кг үөһэ уонна ветеран эр дьон 65 кг, 75 кг, 85 кг, 85 кг үөһэ ыйааһыннарга күрэхтэһиэхтэрэ.
Күрэхтэһии сарсыныгар эр дьон 60 кг, 65 кг, 70 кг, 75 кг, 80 кг, 90 кг, 105 кг, 125 кг, 125 кг үөһэ ыйааһыннарга көрсүөхтэрэ.