Нам улууһугар Андрей Ушницкай кэриэһигэр ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи сахалыы остуол оонньуулара түмүктэннэ. Эҥсиэли хочотугар Андрей Петрович аатынан ыытыллыбыт быйылгы остуол оонньууларыгар барыта 13 улуустан 90 кэриҥэ спортсмен кыттыыны ылла. Ону тэҥэ, күрэхтэһиини Зимбабве курдук дойдуттан сылдьар ХИФУ устудьуона Няша Муранда киэргэттэ. Бэйэ икки ардыгар, тэрээһини норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа таһаарда диэххэ сөп.
“Бастакы тренербит Андрей Петрович Ушницкай “Сайдыы” оҕо киинигэр биһигини 2013 сылтан уһуйбута. Кини биһигини оҕолорун курдук бүөбэйдээн, күрэхтэһиилэринэн илдьэ сылдьан, иитэн таһаарбыта. Онон биһиги Андрей Ушницкайга үөрэммит дьоллоохпут!” – диир сахалыы остуол оонньууларыгар Саха сирин спордун маастара Рената Тимофеева.
Күрэхтэһиигэ Мэҥэ Хаҥалас уонна Бүлүү улуустарын хабылыксыттара үгүс мэтээл иилиммиттэриттэн тойонноотоххо, атын улуустартан ойуччу үрдүк кэрдиискэ тураллара көһүннэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ буолар күрэхтэһиилэргэ бу икки улуус солбуйса сылдьан кыайыылаах уонна бириистээх миэстэлэргэ тахсалларын да судьуйалар этэллэр. Итиэннэ, биллэн турар, атыттары хас да бүк баһыйар таһыччы дьарыктаах Дьокуускай хамаандата ааттанар.
Ол курдук, хамаанданан эстафетаҕа Мэҥэ Хаҥалас улууһа кыайыылаах буолла. Иккискэ Бүлүү уонна үһүскэ Дьокуускай хабылыксыттара таҕыстылар. Дьахталларга күрэхтэһии муҥутуур кыайыылааҕынан Бүлүүттэн Ая Давыдова ааттанна. Оттон эр дьоҥҥо эрийсиилээх оонньуу кэнниттэн Мэҥэ Хаҥаластан Владислав Попов буолла. Хабылыгы, хаамысканы баһылаабыттарга, Ая Давыдоваҕа Андрей Ушницкай кэргэнэ Анастасия Винокурова, Владислав Поповка кылаабынай судьуйа Иннокентий Максимов анал бириистэрин туттардылар. Сахалыы остуол оонньууларыгар ситиһиилээхтик кыттыбытын иһин Зимбабве олохтооҕо Няша Муранда наҕараадаланна.
Тэрээһиҥҥэ күүс-көмө буолбуттарга, спорт управлениетыгар, “Сайдыы” киинигэр, Андрей Ушницкай дьиэ кэргэнигэр, кэллиэгэлэригэр, 1 Хомустаах олохтоох дьаһалтатыгар, Рената Тимофееваҕа, Нам улууһун остуол оонньууларын Федерациятыгар, Охлопковтар дьиэ кэргэттэригэр, Николаевтар аймахтарга махтал тыллара ананаллар.
Биир бэйэм бары көрүҥү барытын убаастыыбын. Бүгүҥҥү остуол төрүт оонньууларын күрэхтэһиитигэр оонньооччулар хаамыскаларын үөһэ быраҕаат, хаалбыттары түргэн үлүгэрдик хомуйа охсоллорун көрө-көрө баскын быһа илгистэҕин. Сороҕун баҕас баттаһа көрбөтүм даҕаны. Кинилэр түргэн туттууларыттан сөхпүтүм таһынан, хаамыскалары төттөрү-таары быраҕа-быраҕа хомуйалларын маҥнайгыбын көрөр киһи төбөбөр илистии буолла, кэһиллии тахса сыста. Ол да иһин, Зимбабве дойдутуттан сылдьар Няша Муранда “олус интэриэһинэй көрүҥ” диир буоллаҕа.
Аны туран, күрэхтэһээччилэр бэйэлэрин икки ардыларыгар “атаххынан, атаххынан сөпкө үлэлээ” диэни истэн аһардым. Спортсмен биир сиргэ атахтарыгар аччаабыта 10 мүнүүтэ турар. Ол курдук, хас биирдии быраҕыыга киһи этигэр-сиинигэр бүтүннүү ноҕорууска ылар эбит. Оччотугар, биир миэстэҕэ 20 мүн. турууга күүрбэт да киһи этэ-сиинэ күүрэн, сэниэтэ быстыан быстар.
Илиилэринэн «аан» оҥорон хаамыскалары биирдиилээн атаарар “умсаахтарын”, быһыыта саамай уустук көрүҥнэрэ дии санаабытым оннугар таҕыста. Хабылыксыттар саамай ыарырҕатар “умсаах” көрүҥнэрэ түргэнник хамсаныыга олоҕурарын спорт маастара Рената Тимофеева эттэ.
“Күрэхтэһии маҥнайгы күнүгэр, “умсаахха” 21.30 чааска диэри туран эрэн оонньообуппут. Бу көрүҥҥэ иккитэ сыыстыҥ да бүттэ. Тыаска-ууска, аттыгар турар дьоҥҥо кыһаллыбакка, хаамыскаларга олоччу киирэн хаалыахха наада. Хаамыска уонна эн! Этэргэ дылы, ньиэрбэ хамсыы турааччы. Биирдэ сыыстыҥ да, ыһыллыы түргэнник саҕаланар. Өй-санаа “аны сыыстыбыт да “конец игры!” диэн хамаанда биэрэр, сиэри таһынан ыксатар… Ити курдук, манна күрэхтэһээччилиин буолбакка, бириэмэни уонна ис санаа туругун кытта күрэхтэһэҕин. “Умсаахха” киирээри туран бэйэбитин кытта төһөлөөх охсуһуу ыытарбытын ким да билбэт. Киһи тылынан тиэрдибэт “абытай” сөкүүндэлэригэр киирэн тахсааччыбыт. Бэйэм ис санаабын сороҕор охсуһан кыайабын ээ”, – диэн иккитэ “Манчаары оонньууларыгар” күрэхтэспит Рената Тимофеева сиһилии быһаарар.
Оччотугар хабылык уонна хаамыска көрүҥэ гиирэ спордугар майгынныыр буолан тахсар эбит.
Үксүн спорт атын көрүҥнэринэн дьарыктаммыттар хабылыкка уонна хаамыскаҕа түргэнник киирэллэр. Биир оннук көстүүнэн чэпчэки атлетикаҕа улууһун чиэһин өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэригэр көмүскээбит Бүлүүттэн ыалдьыппыт Гаврил Иванов буолар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Гаврил Иванов сахалыы остуол оонньууларыгар 10 Сахаада спорт маастарын иитэн таһаарбыт. Холобура, бүгүн мантан иккитэ Марина Николаева уонна Илья Николаев Нам улууһугар маастар буолалларын туоһулуур дастабырыанньалары туттулар.
“Хабылык, хаамыска Саха сиригэр тэриллибитэ баара-суоҕа 32 сыл буолла. Биһиги спорпут көрүҥэ кэҥиир. Ольга Григорьева салайааччылаах Федерациябыт ааспыт сылга “Өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ Федерация” ааты ылбыта.
Остуол оонньуута хабылык уонна хаамыска илии-атах былчыҥнарын түгэхтэн уһугуннаран саҕалыыр. Оччотугар былчыҥнар ыараханы көтөҕөртөн эмискэ соһуйбаттарыттан, быһыта барбаттарыттан харыстыыр. Ол да иһин, өбүгэлэрбит эти-сиини бүтүннүү аргыый-наллаан уһугуннарарга бу көрүҥү толкуйдаан таһаардахтара. Сымса буолуу, түргэн толкуй эмиэ маҥнайгыта остуол оонньууларыгар олоҕурар. Холобура, хапсаҕайынан, мас тардыһыытынан эрэллээхтик дьарыктанан саҕалыырга хабылык уонна хаамыска элбэҕи биэрэр көрүҥ. Дьэ, остуол оонньуута итинник улахан суолталаах”, – диэн Гаврил Гаврильевич кэпсиир.
Рената Тимофеева:
— Хабылык уонна хаамыска оонньуута баар диэн аан маҥнай 2012 сыллаахха Болеслав Троев көрдөрбүтэ. Онтон интэриэһиргээн Андрей Петрович Ушницкайга дьарыктанан саҕалаабытым. Андрей Петрович такайыытынан бу маастар буола үүннүм. Билигин тренербэр Евдокия Николаевна салалтатыгар дьарыкпын салгыыбын. Андрей Ушницкай кэриэһигэр ыытыллар күрэхтэһии биһиэхэ устудьуоннарга улахан суолталаах.
11 сыл устата хабылыгынан уонна хаамысканан дьарыктанар киһи илиим, бэйэм да билбэппинэн, бара үөрэммит. Ол иһин күрэхтэһиилэргэ толкуйбунан уонна харахпынан оонньуубун. Харах ылыллыахтаах хаамыскалары көрөрүн илии бэйэтэ булар. Хабылык уонна хаамыска көрүҥэ куруук биири толкуйдууртан босхолуур, манан дьарыгырдаххына, оонньоотоххуна олоххун уһатарга дылы буолаҕын.
Хабылыксыттарга өйгө хатыыр өрүт сайдар. Тоҕо диэтэр, көрүҥмүт наһаа элбэх. Хас биирдии көрүҥ тус-туһунан быраабылалардаах хас да түһүмэхтэртэн турар. Ону барытын эппит-сииммит бэйэтэ үөрэтэр.
Нам улууһуттан хабылыкка уонна хаамыскаҕа маҥнайгынан маастар нуорматын толорбут убаастыыр эһэбит Егор Петров бүгүн оонньообута буоллар, бастыа этэ. Тоҕо диэтэр, Ытык кырдьаҕас холкутук уонна техникатынан сөптөөхтүк оонньуур. Туораттан көрдөххө, бытаан курдук эрээри, оонньуур техниката “уот абытай”. Холобура, хабылыгын төрүт мүччү туппакка хабар. Хаамыскалары да үчүгэйдик “тоҥсуйар”. Егор Иванович хабылыгынан эрэ муҥурдаммакка, дуобат, дартс көрүҥнэригэр аатын иһитиннэрэр. Эһэбитин наһаа убаастыыбыт!
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка остуол оонньууларыгар аҕа преподатавель Евдокия Гоголева салайааччылаах куруһуок үлэлээбитэ иккис сыла буолла. Бу сыл тохсунньутуттан саҥа таһымҥа тахсыахха диэн, баҕалаах оҕолору уһуйууга ыҥырыы, интэриэһиргэтии саҕаламмыта.
Биһиэхэ университеппытыгар омук устудьуоннара үгүстэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ куруһуокка нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ Египеттэн, Туркменияттан кэлбит устудьуоннар дьарыктаналлар.
ХАРЫСХАН
Кыайыылаахтар
Хамаанданан эстафетаҕа:
2008-06 (сыллаах төрүөхтэр)
Кыргыттарга
1 миэстэ – Аэлита Алексеева (Мэҥэ Хаҥалас);
2 миэстэ – Айыына Ермолаева (Дьокуускай);
3 миэстэ – Любовь Максимова (Кэбээйи).
Уолаттарга:
1 м – Ян Захаров (Мэҥэ Хаҥалас);
2 м – Владислав Мамаев (Нам);
3 м – Богдан Журавлев (Дьокуускай).
2005-78 с.т.
Дьахталларга:
1 м – Ая Давыдова (Бүлүү);
2 м – Рената Тимофеева (Нам);
3 м – Айыына Андреева (Үөһээ Бүлүү).
Эр дьоҥҥо:
1 м – Кэскил Михайлов (Дьокуускай);
2 м – Андрей Захаров (Бүлүү);
3 м – Олег Андреев (Дьокуускай).
1977 с.т. үөһэ
Дьахталларга:
1 м – Оксана Рожина (Мэҥэ Хаҥалас);
2 м – Надежда Прокопьева (Нам);
3 м – Галина Николаева (Бүлүү).
Эр дьоҥҥо:
1 м – Айаал Дмитриев (Бүлүү);
2 м – Михаил Петров (Дьокуускай);
3 м – Анатолий Павлов (Горнай).
1 бөлөх (2009-08 сыллаах төрүөхтэр)
Кыргыттарга:
1 м – Каролина Дьяконова (Кэбээйи);
2 миэстэ – Инесса Белолюбская (Дьокуускай);
3 миэстэ – Любовь Максимова (Кэбээйи).
Уолаттарга:
1 м – Богдан Журавлев (Дьокуускай);
2 м – Иннокентий Боронов (Бүлүү);
2 бөлөх (2007-06 с.т.)
Дьахталларга:
1 м – Айыына Ермолаева (Дьокуускай);
2 м – Аэлита Алексеева (Мэҥэ Хаҥалас);
3 м – Тамара Жиркова (Нам).
Эр дьоҥҥо:
1 м – Ян Захаров (Мэҥэ Хаҥалас);
2 м – Владислав Мамаев (Нам);
3 м – Валерий Сивцев (Нам).
3 бөлөх (2005-1993 с.т.)
Дьахталларга:
1 м – Ая Давыдова (Бүлүү);
2 м – Рената Тимофеева (Нам);
3 м – Айыына Андреева (Үөһээ Бүлүү).
Эр дьоҥҥо:
1 м – Олег Андреев (Дьокуускай);
2 м – Ньургун Семенов (Ньурба);
3 м – Николай Васильев (Мэҥэ Хаҥалас).
4 бөлөх (1992-1978 с.т.)
Дьахталларга:
1 м – Мария Захарова (Мииринэй);
2 м – Оксана Рожина (Мэҥэ Хаҥалас);
3 м – Ньургуйаана Данилова (Дьокуускай).
Эр дьоҥҥо:
1 м – Владислав Попов (Бүлүү);
2 м – Андрей Захаров (Дьокуускай);
3 м – Константин Шелковников (Нам).
5 бөлөх (1977-63 с.т.)
Дьахталларга:
1 м – Надежда Прокопьева (Нам);
2 м – Мария Иванова (Дьокуускай);
3 м – Галина Николаева (Бүлүү).
Эр дьоҥҥо:
1 м – Айаал Дмитриев (Бүлүү);
2 м – Михаил Петров (Дьокуускай);
3 м – Мичил Дьяконов (Бүлүү).
6 бөлөх (1962-1949 с.т.)
Дьахталларга:
1 м – Марина Николаева (Бүлүү);
2 м – Мария Григорьева (Мэҥэ Хаҥалас);
3 м – Надежда Белолюбская (Дьокуускай).
Эр дьоҥҥо:
1 м – Гаврил Аргунов (Мэҥэ Хаҥалас);
2 м – Илья Николаев (Бүлүү);
3 м – Гаврил Иванов (Бүлүү).
7 бөлөх (1947 с.т. үөһэ)
Дьахталларга:
1 м – Анна Баишева (Мэҥэ Хаҥалас);
2 м – Ольга Ядрихинская (Нам);
3 м – Клавдия Носкова (Нам).
Эр дьоҥҥо:
1 м – Ион Васильев (Нам).