Саха өрөспүүбүлүкэтин Үлэ сылынан ” ыам ыйын 1 күнүгэр “Махтал үлэһит дьоҥҥо” бырайыак чэрчитинэн Хомустаах Бастакы нэһилиэгин тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыытыллар ” Истиҥ ырыа иэйиитэ” күрэх буолла.
” Махтал үлэһит дьоҥҥо” бырайыак нэһилиэккэ быйыл 11-с төгүлүн ыытыллар, ол чэрчитинэн биир дойдулаахпыт, культура эйгэтигэр өр сыл үлэлээбит, республика “Чороон” ВИА бастакы профессиональнай звукорежиссера, нэһилиэккэ “Кэнкэмэ” телестудия операторынан, өр сылларга ” Алгыс” сынньалаҥ киинигэр звукооператорынан үлэлээбит Александр Константинович Бурнашев – Биидьик Сааска аатын үйэтитэр сыаллаах ыытылынна.
Күрэх түмүгүнэн 1-Хомустаахтааҕы врачебнай амбулатория отделениятын коллектива ( сэб. Аргунова С.Э.) кыайыылаа5ынан тахсаннар Бурнашевтар халыҥ аймах олохтообут сүрүн бириэмийэлэрин (35000 солк.) туттулар. I степ. дипломунан уонна Александр Константинович бииргэ үлэлээбит коллегалара “Чороон” ВИА ( сал. СР культуратын Үтүөлээх үлэһитэ Сергучев Г.Г.) анал бириэмийэлэринэн (6000 солк.) Д.Ф.Алексеев аатынан 1-Хомустаах орто оскуолатын коллектива (дир. Атласова У.П.) на5аараадаланнылар, маны сэргэ “Лучший профсоюзный лидер” анал ааты профсоюз председателэ Дарья Дмитриевна Жиркова тутан Александр Константинович “Кэҥкэмэ” телестудияҕа бииргэ үлэлээбит коллегата СР профессиональнай үөрэхтээһинин туйгуна Розалия Николаевна Сысолятина анал бирииһинэн наҕараадаланна. II степ. дипломунан на5араадаланнылар З.П. Винокуров аатынан Намнаа5ы о5о искусствотын оскуолатын, 1-Хомустаа5ы филиалын коллектива (дир. Бережнева Т.Е.) , Александр Константинович Үөдэй орто оскуолатыгар бииргэ үөрэммит до5отторун ааттарыттан (5000 солк.) бириэмийэни тутта. III степ. дипломунан на5араадаланнылар нэһилиэк ветераннарын түмсүүтэ, “Далбардар” ырыа бөлө5ө ( сал. Ощепкова З.Е.), культура киинигэр Александр Константиновичтыын өр сылларга үлэлээбит элбэх ырыа автордара, мелодистар Валентина, Семен Тихоновтар ааттарынан дьиэ кэргэнэ олохтообут бириэмийэлэрин (5000 солк.) туттулар. 1№ “Мичийээнэ” о5о уһуйаанын коллектива ( сэб. Табунанова Е.М.) “Верность к профессии” анал ааты ылан Александр Константинович коллегалара, культура киинин ветераннара олохтообут (4000 солк.) бириэмийэлэринэн наҕараадаланна, “Хомустаах 1 -кы нэһилиэгэ” МТ олохтоох дьаһалтатын коллектива ( баһ. Жирков В.Г.) “За лучшее исполнение патриотической песни” анал ааты ыланнар культура киинин үлэһиттэрин бириэмийэлэринэн (3000 солк.), “Сайдыы” ОАДь , “Ыллык” телестудия ( дир.Винокурова А.Н.) олохтообут анал бирииһинэн на5араадаланнылар
Күрэххэ жюри председателэ – Елена Александровна Кутукова, СССР култууратын туйгуна,СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ,Нам улууһун, Таастаах нэһилиэгин Ытык киһитэ, ” Ньургуһун” народнай үҥкүү, хор коллективын Хормейстера, “Дьүөгэлэр” вокальнай ансамбыл салайааччыта.
Андрей Терентьевич Замятин – СР культуратын туйгуна, Нам улууһун ” Туллук хаара” ырыа айааччылар түмсүүлэрин салайааччыта. Нам улууһун,Ленскэй, Хатыҥ-Арыы нэһилиэктэрин Ытык киһитэ.
Марина Владимировна Охлопкова – ” Алгыс” НАК хормейстера, “Татыйык” вокальнай ансамбль салайааччыта.
Күрэххэ бириистэри туруордулар:
- А.К. Бурнашев өр сылларга бииргэ үлэлээбит коллегалара,үөрэммит табаарыстара
- “Чороон” ВИА коллектива – сал. Г.Г. Сергучев.
- Үөдэй орто оскуолатын 1972 с. выпусниктара
- “Кэнкэмэ” телестудияҕа бииргэ үлэлээбит коллегата Р.Н. Сысолятина.
- “Сайдыы” оҕо айымньытын дьиэтин колоектива – директор А.Н.Винокурова.
- “Алгыс” НАК ветераннара – Я.П. Орлова,Л.П.Обутова, Т.Р.Соловьева,А,С. Соловьева, Е.А. Максимова Е.В. Борисова,А.П. Ядреева,В.В. Соловьева
- “Алгыс” НАК коллектива – А.Г. Мылаханова
Күрэх бэрт тыҥааһыннаахтык ааста,кыайыылааҕы талар олус уустук буолан ылла, ол гынан хас биирдии тэрилтэ кыттааччылара илии тутуурдаах,өттүк харалаах тарҕастылар.
Источник: https://t.me/khomystakh1sonynnara/1697