Пятница, 11 октябряРеспублика Саха (Якутия), Намский улус >
Shadow

ОЙБОН АЛЛАРЫЫГА ИЛИН-КЭЛИН ТҮСҮҺҮҮ

Кулун тутар 11 күнүгэр Туллукка Ленскэй нэһилиэккэ Эйэ уонна үтүө санаа уонна саха сиригэр физическэй культура хамсааһына тэриллибитэ 100 сылларынан Ленскэй нэһилиэк баһылыгын кубогар «Муус анньыыта» улуустааҕы күрэх бастакы түһүмэҕэ ыытылынна. Күрэҕи Иван Яковлев салайааччылаах «Лидер» спорт киинин тэрилтэтэ иилээн-саҕалаан ыытта. Оттон сүрүн көҕүлээччинэн Нам улууһун тимир уустара буолаллар.

Күрэх үүнэр ыччаты төрүт үгэстэрбитигэр, балыксыт сорсуннаах суолугар умсугутар сыаллаах патриотическай иитиигэ олоҕурар. Тэрээһин саҕаланыыта күрэхтэһээччилэри улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Петр Абрамов, Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников, тимир ууһа Александр Михайлов уонна тэрийээччи Иван Яковлев эҕэрдэ тылларын тиэртилэр, ким кыахтаах кыайдын диэн баҕа санааларын эттилэр.

Уопсайа 30 киһи кытынна. Оскуола оҕолоро, эр дьон, ветераннар, нэһилиэктэр баһылыктара уонна муҥутуур кыайыылаах диэн түһүмэхтэринэн арахсан анньыыларынан мууһу көйөн, ойбону ыраастаан, уу таһааран, ойбону алларыыга илин-кэлин түһүстүлэр. Элбэх күүһү-уоҕу, сыраны-сылбаны эрэйэр күрэс түмүгэ маннык буолла:

Уолаттарга:
1 м. – Бастакы Хомустаахтан Георгий Винокуров,
2 м. – Иккис Хомустаахтан Анатолий Павлов,
3 м. – Модуттан Данил Винокуров.

Эр дьоҥҥо:
1 м. – бастакы Хомустаахтан Андрей Винокуров,
2 м. – Хамаҕаттаттан Октябрь Герасимов,
3 м. – Салбаҥтан Иван Данилов.

Ветераннарга:
1 м. – Үөдэйтэн Николай Эверстов,
2 м. – Намтан Петр Емельянов,
3 м. – Иккис Хомустаахтан Анатолий Семенов.

Баһылыктарга:
1 м. – Иккис Хомустаах баһылыга Лев Новгородов,
2 м. – Бастакы Хомустаах баһылыгын солбуйааччы Алексей Захаров,
3 м. – Үөдэй баһылыга Иван Гаврильев.

Муҥутуур кыайыылаах аат иһин баҕалаах 5 эр бэрдэ кытынна:
1 м. – Андрей Винокуров,
2 м. – Октябрь Герасимов
уонна эдэрчи уолаттары кытта бэркэ киирсэн ветеран кыттааччы Петр Емельянов үһүс миэстэни ылары ситистэ.

Эр дьон иккилии ойбону тэстилэр. Оттон муҥутууру быһаарарга балаһыанньа быһыытынан эмиэ икки ойбону тэстилэр уонна бу ойбоҥҥо анал «шаблон» киирэр-тахсар буолуохтаах диэн.
Бэрт тыҥааһыннаах, киирсиилээх күрэх кыайыылаахтара туоһу сурук, мэтээл тутан, үөрэн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар.

«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата