Ытыктабыллаах Нам улууһун олохтоохторо!
Балаҕан ыйын 27 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр улахан суолталаах күн.
Быйылгы сыл Саха АССР тэриллибитэ 100, ону сэргэ киэн туттар биир дойдулаахпыт, өрөспүүбүлүкэни төрүттээбит уһуллуччулаах государственнай уонна политическай деятель М.К. Аммосов төрөөбүтэ 125 сылларынан уратылаах сыл.
1990 с. бу күн Судаарыстыба суверенитетын туһунан декларация ылыныллан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһа бигэргэммитэ. Бу историческай докумуон өрөспүүбүлүкэбит инникитин тутулуга суох сайдарын түстээбитэ.
Ол күнтэн 32 сыл ааспытын кэннэ, билигин иннибитигэр үгүс сыал-сорук туруорарбыт, өрөспүүбүлүкэбит экэнэмиичэскэй, социальнай сайдыытыгар үлэлии-хамсыы сылдьарбыт ол туоһутунан буолар.
Бүгүн өрөспүүбүлүкэбитигэр экэниэмикэ, оҥорон таһаарыы, үөрэх, социальнай эйгэ уо.д.а. бары хайысхалар аныгы олох тэтимин кытары тэҥҥэ сайдан иһэллэр. Төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит инники сайдыытыгар, нэһилиэнньэ олоҕун таһымын үрдэтиигэ бары бииргэ ылсан үлэлиэх тустаахпыт.
Күндү улууспут дьоно-сэргэтэ!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн «Нам улууһа» муниципальнай тэриллии дьаһалтатын уонна улуус дьокутааттарын Сэбиэтин ааттарыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Чэгиэн чэбдик олоҕу, бары үтүөнү, үрдүк ситиһиилэри, сарсыҥҥыга эрэли баҕарабыт!
Юрий Иннокентьевич Слепцов, «Нам улууһа» муниципальнай тэрилии баһылыга
Алексей Иванович Винокуров, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ