🔽 Д.Ф. Алексеев аатынан I Хомустаах орто оскуолатыгар Билии күнүгэр СӨ ОДьКХ уонна энергетикэ министрэ Емельянов Вячеслав Павлович ыалдьыттаата.
🔽 Министр оҕолорго, коллективка эҕэрдэтин тиэртэ, оскуола үлэтин-хамнаһын билистэ.
🔽 Нам улууһун баһылыгын солбуйааччыта Николаев Ф.В., улуустааҕы үөрэх управлениетын үөрэх хаачыстыбатын хааччыйар отдел салайааччыта В.Д. Куличкина, Бастакы Хомустаах нэһилиэгин баһылыга В.Г. Жирков, улуус депутата Н.Н. Степанов үөрэх дьыла саҕаламмытынан эҕэрдэлээтилэр.
🔽 Ыалдьыттар «Точка роста», «Цифровая образовательная среда» федеральнай бырайыактар, оскуола бизнес-инкубаторын үлэлэрин билистилэр.
«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата