Понедельник, 9 декабряРеспублика Саха (Якутия), Намский улус >
Shadow

Билиэти кассаттан буолбакка, быһаччы автобустан атыылаһыахтара

«Бүгүн кэлэн барбыт, хас киһи барсыбытын ким да билбэт. Сарсыарда 6 ч. 30 м. наһаа эрдэ быһыылаах…», – диэн хатырыктар санааларын үллэстэллэр.

Бу курдук, 203 №-дээх маршрут Дьокуускай-Нам-Хатырык-Дьокуускай хайысханан бүгүҥҥүттэн сылдьан саҕалаабыт. Сырыыны ЯПАК Дьокуускайдааҕы муниципальнай унитарнай тэрилтэ оҥорор. Олохтоохтор айанныыр, барар-кэлэр халҕаһаларын кэтиир, айан расписаниетын олохтуур инниттэн, атырдьах ыйын бастакы нэдиэлэтигэр икки рейс олохтонуоҕа. Ол эбэтэр нэдиэлэҕэ иккитэ автобус дьону куоракка таһыаҕа. Дьон хайдах, хаһан айанныырыттан көрөн, инникитин расписание олохтонуоҕа. Бу туһунан өссө эрдэ суол хаһаайыстыбатын уонна транспорын министерствотыгар иһитиннэрэн тураллар.

Санатар буоллахха, 203 №-дээх маршрут урукку сылларга сарсыарда 9:00-тан, күнүс 12:00-гэ, эбиэттэн киэһэ 15:00 чаастан Намтан куоракка айанныыра. Бу расписание балачча өр кэмҥэ тутуһуллан, дьон-сэргэ өйүгэр бигэтик хатанан, билиҥҥи саҥа сырыыны атыҥырыыллара саарбахтаммат. Аны кэккэ сылларга автобуһу такси өҥөтө солбуйан, дьон дьиэтин айаҕыттан айанныырга үөрэннэ. Онон 203 №-дээх маршрут расписаниетын табыгастаах бириэмэлэргэ туруоран, чахчы дьон туһугар сүүрүөҕэ диэн эрэнэбит. Маныаха олохтоохтор бэйэбит эмиэ санаабытын, баҕабытын салалтаҕа этэн, тиэрдэн, табыгастаах диэбит айан-сырыы бириэмэтин олохтуох тустаахпыт.

Биһиги Дьокуускай автовокзалыгар кассаҕа эрийэн маршрут туһунан ыйыталастыбыт. Онуоха 203 №-дээх маршрут бүгүҥҥүттэн сылдьыбытын, сарсыарда Хатырыктан айаннаабытын, киэһээ 18.30 ч. Дьокуускай автовокзалыттан төннөрүн эттэ. Билиэт кассаҕа атыыламматын, автобуска атыыланарын, Намҥа диэри айан сыаната 192 солк. буоларын эттилэр. Итиэннэ аныгыскы рейс субуотаҕа оҥоһуллуоҕа диэтилэр. Ким интэриэһиргээбит Дьокуускай автовокзалын кассатыгар (8 411 2 35-53-55) нүөмэргэ эрийэн билсиҥ.

Источник: https://xn--h1aaigu4ed.xn--p1ai/article/66697