Саха сирин Транспорын министерствота пассажирдар автобуһунан сөптөөх удамыр сыанаҕа айанныылларыгар субсидия көрдө. Ол курдук, атырдьах ыйын 1 күнүттэн МУП “ЯПАК” Дьокуускай-Хатырык хайысханы тутуһар 203 нүөмэрдээх маршруту үлэлэтэн саҕалыахтааҕын Хатырык баһылыга Юрий Дьяконов этэр.
Билиҥҥитэ рейс нэдиэлэҕэ иккитэ оҥоһуллуоҕа – вторник, суббота. Төлөбүр хас биирдии нэһилиэккэ туһунан: Бастакы Хомустаахха диэри 130 солк., Партизан – 146, Никольскай – 157, Хамаҕатта – 164, Нам – 192, Аппааны – 194, Кыһыл Дэриэбинэ – 200, Бөтүҥ – 208, Модут – 233, Хатырык – 265. Оттон пассажир таһаҕастаах буоллаҕына эбии 50 солк. төлүөҕэ. Бэлиэтээн эттэххэ, дьон транспорынан хото туһанар буоллаҕына, расписаниеҕа кэккэ уларыйыылар киирэннэр, уларыйбат суол айанын расписаниета тахсыаҕа.
“Автобустар билигин боруобаҕа сүүрүөхтэрэ диэн этиллэр. Биһигиттэн ирдэнэрэ диэн, нэһилиэнньэ туора турбакка айан суолугар кэккэ уустуктары көрсөрбүтүн көрдөрүөхпүтүн наада. Манна киһи баайсыбат, кырдьыга да оннук. Онон, автобус өҥөтүн толору туһанан, дьоҥҥо наадалаах өҥө буоларын бэйэбит дьайыыбытынан көрдөрүөхтээхпит. Ити курдук, улууска автобус сырыыта сайдара, инникитин маршрут баар буолара норуоттан эмиэ улахан тутулуктааҕын умнуо суохтаахпыт. Аһаҕастык этэбин, автобус сырыытын наадата суоҕунан ааҕыахпыт да, кэлин маннык бэрт үчүгэй хайысхалаах этии эргиллибэттии төннүөн сөп”, – диэн Юрий Вячеславович санаатын этэр.
Источник: Ulus Media (xn--h1aaigu4ed.xn--p1ai)