Понедельник, 9 декабряРеспублика Саха (Якутия), Намский улус >
Shadow

«Үс сэргэҕэ» Республика күнүн көрсө тэрээһиннэр

Муус устар 26 кунугэр Наммыт улууһугар Республика күнүн көрсө тэрээһиннэр саҕаланнылар. Быйыл Саха АССР тэриллибитэ үбүлүөйдээх 100 сылын бэлиэтиир уһулуччу суолталаах бэлиэ күн нэhилиэкпитигэр хас биирдии тэрилтэ салайааччылара улэһиттэрэ , ветераннар сахалыы таҥастаах «Үс сэргэҕэ»  саарыктарынан киэргэтиллибит «💯»массыына  тоҕуоруһан айаннаан тиийдилэр.

Киэргэтиллибит массыыналар субуруһа айаннаан нэhилиэкпит биир биллэр -көстөр,  Николаевскай таҥара дьиэтэ турбут сиригэр, билигин часовня таһыттан, айан тутан, Хомустаахпыт М.К. Аммосов киин уулууссатынан эргийэ субурустулар. Санатар буоллахха, Хомустаахпыт киин уулуссата быйыл тэриллибитэ 55 сылын бэлиэтэнэр.  

Массыына парада Кыайыы болуоссатыгар кэлэн айаннарын түмүктээтилэр. Кэлбит дьон болуоссакка оhуокайдаан ойдулар,эhиэкэйдээн эйээрдилэр.
Бу кэннэ, мустубут дьон Ытык кырдьаҕастарбыт түмсэр сирдэригэр Балаҕаҥҥа  киирэн, итии ис миинэ истилэр , үүттээх чэй  сырылаттылар, алаадьынан күндүлэстилэр.
Дьэ, уонна ол кэннэ, оллоонноон олорон «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр » олоҥхону, бэйэбит кыыспыт Яна Ньургусова толоруутугар сэҥээрэ истэн, харахтарын сымнаттылар, кулгаахтарын чөрбөттүлэр. Бу курдук, нэhилиэкпитигэр Республика күнэ хаhааҥҥытааҕар да, сэргэхтик, интириэһинэйдик ааста.