Улуус салалтатын уонна депутаттарын Сэбиэтин ааттарыттан Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэринэн ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит!
Былыр-былыргыттан дьахтар холумтан сылааһын тутар, или-эйэни араҥаччылыыр, олоҕу салгыыр, уйгу быйаҥы тэрийэр аналлаах. Ийэ барахсан оҕо туһугар улахан эппиэтинэһи сүгэр. Кини үтүө майгытынан, амарах санаатынан, тулуурунан, дьулуурунан, мындыр өйүнэн Таптал, Үтүө санаа уонна Эрэл курдук үйэлээх сыаннастары иҥэрээччи быһыытынан ытыктанар.
Аныгы кэм дьахтара аҥаардас алаһа дьиэни иччилээччи эрэ буолбатах, кини – идэтин толору баһылаабыт, дьыалабыай хаачыстыбалаах көхтөөх үлэһит. Ол курдук, кини политическай, научнай, общественнай олох, урбаан, үөрэх, спорт сайдыыларыгар, обществоҕа или-эйэни бөҕөргөтүүгэ улахан кылаатын киллэрэр.
Эһиги өйөбүлгүт, дириҥ толкуйгут, тулуургут биһигини, эр дьону, саҥа арыйыыларга уонна хорсун быһыыларга кынаттыыр, эдэр көлүөнэни чөл кукка иитэр, бүтүн государство чэчирии сайдыырын түстүүр.
Ил Дархан 2022 сылы Ийэ сылынан биллэрэн ийэҕэ бары хайысханан болҕомтону күүһүрдэргэ, өйүүргэ сыал-сорук туруорбута. Бу сыл устата общество бары биир киһи курдук турунан Ийэ Хотуҥҥа сүгүрүйүү, кинини өрө тутуу, чиэстээһин ыытыллыаҕа.
Күндү Далбар хотуттарбыт!
Барыгытыгар сааскылыы сырдык санааны, чөл туругу, үлэҕэ-үөрэххэ үгүс ситиһиилэри, алаһа дьиэҕитигэр этэҥҥэ буолууну баҕарбыт!
ЮРИЙ СЛЕПЦОВ, улуус баһылыга
Алексей ВИНОКУРОВ, улуус депутаттарын сэбиэтин председателэ