Пятница, 11 октябряРеспублика Саха (Якутия), Намский улус >
Shadow

Анастасия Сивцева “Ийэ Албан аата” бэлиэни тутта

9 оҕо күн-күбэй ийэтэ Анастасия Сивцева элбэх оҕолоох ийэлэр социальнай статустарын үрдэтэр уонна кинилэри өйүүр, оҕону иитэргэ ийэ ураты оруолун бэлиэтиир I истиэпэннээх “Ийэ Албан аата” бэлиэ хаһаайкатынан буолла.

🔶Бу үрдүк наҕарааданы СР правительствотын председателэ Андрей Тарасенко Ил Дархан Айсен Николаев аатыттан, Саха сирин дьахталларын XV-с сийиэстэрин чэрчитинэн, үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.

🔶Хомустаах Бастакы нэһилиэгин 9 оҕолоох эдэр ыала – Анастасия уонна Николай Сивцевтэр быр-бааччы олорбуттара номнуо 10-с сылыгар барда. Анастасия Д.Ф. Алексеев аатынан Хомустаах орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, медицинскэй институтка туттарсан киирэн үөрэнэн, дьылҕа хаан ыйааҕынан дойдутугар кэлэн, Модуттан @mo_modut төрүттээх Николай Сивцевы көрсөн, 2013 сыллаахха сүрэхтэрин холбоон ыал буолбуттара. Анастасия төрөөбүт төрүт түөлбэтигэр – 1 Хомустаахха кэргэнэ Николайдыын дьиэ-уот туттан, 5 кыыс, 4 уол оҕолонон, амарах аҕа, истиҥ ийэ буолан бэрт дьоллоохтук олохсуйан олороллор.

Сиһилии “Эҥсиэли” хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕаарыҥ @gazeta_enseli

Лена Москвитина @moskvitina.e