Бастакы Хомустаах нэһилиэгин “Алгыс” НАК онлайн тэрээһиннэри ыытарга бэлэм олорор. Саҥа сылы көрсөр тэрээһиннэр этэҥҥэ түмүктэнэннэр, былааннаммыт барыта олоххо киирэн, тэрийээччилэр сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.
Ол курдук, инники суруллубукка салгыы кэпсээтэххэ, тохсунньу 13 күнүгэр үөрүү-көтүү аргыстаах “Суорат” бөлөх бэрт сэргэх киэһэни бэлэхтээбитэ. Тохсунньу 14 күнүгэр инстаграм нөҥүө түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт “Арай биирдэ дэриэбинэҕэ” тэттик видео уһулааһыныгар конкурс көрөөччү болҕомтотун тарта. Күрэххэ барыта түөрт түөлбэ кыттыыны ылла.
Түөлбэлэр оҥорбут тэттик видеоларын Чурапчы улууһун “Быара суохтар” көр-күлүү айар бөлөҕө (сал. Мария Дьячковская) уонна “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа оператордара Александр Слепцов, Дмитрий Сергучев сыаналаатылар. Түмүк маннык буолла: 1 м. – “Чагда” түөлбэ (сал. А.К. Барашкова), 2 м. – “Үрдэл” түөлбэ (сал. Р.А. Лиханов), 3 м. – “Саһарҕа” түөлбэ (З.И. Степанова).
“Быара суохтар” айар бөлөх анал ааттары быһаарда. “Бастыҥ артыыска” Надежда Прокопьева (“Чагда” түөлбэ) буолла уонна бөлөх артыыската Татьяна Егорова анал бирииһин – “Быара суохтар” кэнсиэрдэригэр босхо билиэт ылла. “Бастыҥ операторскай үлэ” – Светлана Сивцева (“Үрдэл” түөлбэ). Кини “Быара суохтар”оператора Петр Дьячковскай анал бирииһинэн наҕараадаланна, ол курдук @byara_suohtar инстаграм сирэйгэ Светлана 3 үлэтэ босхо тахсыаҕа.
“Бастыҥ Хомустаах эр бэрдэ” номинацияны Станислав Васильев (“Кустук” түөлбэ) ылан, Марууса анал бирииһигэр тигистэ. Кини “билэбин” диэн тылын иһин “Быара суохтар” роликтарыгар Маруусалыын бииргэ уһуллуоҕа. “Бастыҥ сценарий” номинация “Үрдэл” түөлбэ режиссёругар ананна уонна “Быара суохтар” бөлөх салайааччыта Мария Дьячковская анал бирииһинэн наҕараадаланна – режиссер бэйэтин сценарийынан “Быара суохтар” бөлөх 3 видеону устуоҕа
“Креативный монтаж” анал ааты – “Үрдэл”, “Пропаганда ЗОЖ” номинацияны «Саһарҕа» түөлбэҕэ “Саха” НКИХ операторадара анаатылар. Ону тэҥэ, нэһилиэк иһинэн тэриллэн үлэлиир “Мэскэйдэр” (сал. Е.И. Руфова) көр-күлүү бөлөҕүн анал бирииһэ Станислав Васильевка туттарылынна.
Дьэ, бу курдук ахсынньы 31 күнүттэн ыытыллыбыт араас хабааннаах тэрээһиннэр дьон сынньалаҥын туһугар тэриллэн, бэрт көдьүүстээхтик ыытыллан түмүктэннилэр. Аны онлайн тэрээһиннэр күндү көрөөччүлэрбитин күүтэллэр. Хамсык ыарыы халбарыйдар эрэ кулууп дьиэҕэ көрсүөхпүт!