Эйиигин алгыстаах 80 сааскын туолбуккунан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Эн, мэлдьи чугас дьоҥҥор, дьүөгэлэргэр, аймахтаргар ыллыктаах ыраас санааларгын, олоххо үтүө көрүүлэргин үөрэ-көтө утары ууна сылдьаргыттан астынабыт.
Эн, эдэр сааскыттан үлэҕэ күргүөмнээхтик кыттан, үтүөнү үксэтэн, кэрэни кэрэхсээн олоххор, аймах-билэ дьоҥҥор, оҕолоргор, сиэннэргэр мэлдьи холобур буолаҕын.
Ханна да буолларгын утүө сүбэһит, амарах Ийэ хотун буолан дьон убаастабылын , тапталын, ылыан ылаҕын.
Эн, таһаарыылаах үлэлээбит үлэҕинэн, сэмэй майгыгынан, элэккэй сыһыаҥҥынан дьону бэйэҕэр тумэ тардан элбэххэ үөрэтэн, такыйан үөрэппит оҕолорун бүппэт махталлара,тапталлара уҕараабат.
Баҕарабыт ыалдьары киэр илгэн, кырдьыыга бэриммэккэ күндү сиэннэриҥ мичээрдэригэр, тапталларыгар угуттанан, аймах-билэ дьонуҥ ытыктабылын ылан, олоҕун өссө киэркэйэн, өссө да уһуннук, дьоллоохтук олороргор.
Сахалыы мындыр өйдөөх бары баар үтүө баҕа санааларын туоллуннар!