Күндү Анна Федотовна!
Алыстаах 85 сааскын туолбуккунан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Чурапчы чараҥыттан сылдьар эдэркээн оҕо Эҥсиэли хочотун булан,олохсуйан, ыал буолан, оҕо төрөтөн, Хомустаах эйиэхэ, иккис дойдун буолан дьолломмутун.
Үлэттэн өрөгөйдөнөн үрүҥ илгэ байылыаты «Нам» совхоз үүтүн собуотун өр сылларга салайан,үлэлээн кэлбитиҥ.
Бүгүн, Эн 85 сааскын чиэстээхтик көрсөр дьоро киэһээҕэр оҕолоргор,сиэннэргэр, дьүөгэлэргэр, аймахтаргар ыллыктаах ыраас санааларгын, олоххо үтүө көрүүлэргин үөрэ-көтө утары ууна сылдьаргыттан астынабыт.
Эдэр сааскыттан үлэҕэ кыттар, үтүөнү үксэтэр, кэрэни кэрэхсиир олоҕуҥ аймах-билэ дьоҥҥор, оҕолоргор, сиэннэргэр холобур буолан, үтүө сүбэһит, амарах Далбар хотун буолан кинилэр тапталларыгар уйдаран уһун, дьоллоох олохтон.
Сахалыы мындыр өйдөөх дьүөгэбитигэр кытаанах доруобуйаны, бары үтүө баҕа санааларын туолалларын баҕарабыт.