Бөх- сыыс ыһылларын- тоҕулларын, хомулларын боппуруоһа сытыырхайбыта ыраатта, аныгы киһи- аймахха тирээн турар кыһалҕаларыттан биирдэстэрэ буолла. Ким да бөх- сыыс ортотугар буккуллан олоруон баҕарбат эрээри, бэйэ тэлгэһэтиттэн, тиэргэниттэн таҕыста да, ыспыт бөҕүн хомуммат, аһара баран алдьатар, урусхаллыыр, тугу даҕаны ытыгылаабат, харыстаабат көлүөнэ үөскээн эрэрэ дьиксиннэрэн барда.
Манна сыһыаран биир холобуру аҕаллахха, мырааҥҥа Үс Сэргэ диэн Эҥсиэли хочотун сирэйдээн көрдөрөр Ытык сирдээхпит. Үс сэргэни улуус бары олохтоохторо олус үчүгэйдик билэбит, биирдэ эмит сылдьан, киэҥ нэлэмэн, баай- талым хочобутун астына көрөбүт. Бу сир 1 Хомустаах нэһилиэгин дьаһалтатыгар сыһыарыллан, кинилэр көрүүлэригэр сылдьар.
Маай өрөбүллэрин кэмигэр дьаһалта үлэһиттэрэ Ытык сиртэн хас эмэ куб бөҕү хомуйбуттар. Бэйэлэрин ыспыт бөхтөрүн- сыыстарын буолбатах – кэлэн- баран иһээччи, айан дьоно тоҕон- хорон ааспыттарын. Эппиэтинэстээх уонна бүтүн улуус туһугар хаһаайынныы сыһыаннаах буоланнар, сыл аайы үлэлэрин курдук тахсан хомуйаллар диэн түмүккэ кэлэҕин. Ол эрээри, хаһааҥҥа диэри барытын хомустаахтар хомуйуохтарай диэн ким эмит ыйытыы бэринэрэ буолуо дуо?!
Василий Жирков, Хомустаах Бастакы нэһилиэгин баһылыга:
– Бүтүн Нам улууһун көрдөрөр- кэпсиир Ытык сирбит – Үс Сэргэ биһиэхэ сыһыарыллан, биһиги көрүүбүтүгэр- истиибитигэр баар. Сыл аайы үлэбит курдук тахсан хомуйабыт. Айан дьоно тохтоон ааһалларыгар туалеттаах буолан, аһара кирдээх. Киһи көрөн сүөргүлүүр хартыыната.
Ону мин дьаһалтам үлэһиттэрэ барахсаттар хомуйаллара хомолтолоох. Санаан көрүҥ, ынырык кир- хах буоллаҕа… Мин Хомустааҕым дьоно итиннэ тахсан гыраамы да ыспаттар. Ааһар, кэлэр- барар дьон, ыалдьыттар ыһаллар. Сорохтор олох да маҕаһыын бөҕүн быраҕаллар. Араас элбэх улика бөҕө булабыт.
Маныаха хаартыскаҕа түһэрэн улуустааҕы административнай комиссия көрүүтүгэр, быһаарыытыгар ыытааччыбыт да, күттүөннээх үлэ барбат курдук. Улуус дьоно дьиэлэрин бөҕүн таһааран быраҕаллара хомолтолоох. Ол иһин бөх быраҕар буочукалары ылан кэбиспиппит. Сыбаалка тоҕор сир буолбатах диэн санааттан. Бөхтөрүн барытын онно быраҕар идэлэммиттэрэ. Онно чопчу ааттаах- суоллаах оҕо дневнигын эҥин булбуппут. Намнар буолаллалара биллибитэ.
Бу уһун өрөбүллэргэ тахсан алта куб бөҕү хомуйдубут. Сааскыта олус элбэх буолар. Кыһыны быһа мунньуллан тасыбыт бөх аанньа буолуо дуо? Бытыылка арааһын хомуйабыт уонна, дьэ, наркоманнар суоллара баар. Элбэх инньэни хомуйан быраҕабыт. Аны Ытык сир дии- дии алаадьы, салама бөҕө уураллар, тэрэпиискэ бөҕө иилэллэр. Ол кэлин кубарыйан, илдьирийэн бөх буолар.
Тохтобул көстүүтүн тупсаран, бэйэбит күүспүтүнэн кыра күрүө- хаһаа туппуппутун айанньыттар тоҕута түһэн кэбиспиттэр. Үс сэргэ туруортарбытым, холумтаннаппытым. Дьон аһара тэпсэр, алдьатар, барытын ылларабын дуу диэн саныы сылдьабын. Оҥорботох ордук курдук. Туалеттары эмиэ көтүрэрбит дуу диэн саныыбыт.
Эбэтэр улуустан анал үлэһит көрүөххэ наада. Дьиҥэр, урукку сылларга улууска бу сири көрөр- истэр үлэһит баар эбит. Нэдиэлэҕэ иккитэ тахсан хомуйар буолан, ыраас буолар этэ. Нэһилиэктэр бары кыттыһан ыйга биэстии, уоннуу тыһ. солк. биэрдэхтэринэ син хамнас тахсыа эбитэ буолуо. Улуустааҕы араадьыйаны кыттыһан төлүүбүт дии… Бу бүтүн улуус Ытык сирэ, хомустаахтар эрэ сирдэрэ буолбатах диэн сөпкө өйдүөххэ наада. Ол таһымыгар күттүөннээхтик харыстыахха, көрүөххэ- истиэххэ. Мэлдьи ыраас буолуохтаах диэн усулуобуйа туруоруохха, нэдиэлэҕэ иккитэ хомуйтарыахха. Оччотугар атын хартыына буолуоҕа.
Биһиги сыл аайы хомуйабыт, аккаастаммаппыт, суол кытыытын эмиэ ыраастыыбыт. Улахан тэрээһин буолаары гынна да, улуус дьаһалтатыттан миэхэ эрийэллэр. Тугу да алдьаппакка, ыспакка- тохпокко көрөллөрө буоллар, төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй?! Ону баара дьон наһаа кэрээнэ суох. Ыһан- тоҕон, иһинэн- таһынан сылдьан ааһаллар. Бары биһиги улууспут дьоно диир сыыһа буолуо. Ыалдьыттар, атын улуус дьоно, ааһан иһэр айанньыттар диэххэ эмиэ сөп.
Дьон культурата билигин даҕаны олох намыһах. Өйүн- санаатын таһыма кыра, татым. Бу сири ыраастаабытым уонтан тахса сыл буолла. Дьаһалтаҕа үлэлиэхпиттэн. Хомойуох иһин, хартыына олох көммөт, тупсубат. Бу чааһыгар биһиги дойдубут бүттүүнүгэр көтүтүү баар дии саныыбын. Ол иһин дьоммут тугу да харыстаабаттар, бас баттах ыһаллар- тоҕоллор. Атын дойдулар холобурдарын, хайдах курдук ыраастык, харыстабыллаахтык сыһыаннаһан олороллорун билэбит, көрөбүт. Оттон бэйэбитигэр маннык дьаабылана сылдьабыт. Сахаларга аартык – Ытык сир. Оскуолаҕа, дьиэ кэргэҥҥэ күүстээх өйдөтүү, иитии барыан наада. Алдьатар, ыһар-тоҕор аньыы! Ытык сирдэри ытыгылааҥ!
Источник: Ulus Media (xn--h1aaigu4ed.xn--p1ai)