Республика Саха (Якутия), Намский улус >
Shadow

9 мая День Победы!

Кыайыы саллаатыгар

Үтүмэн сыллары аһаран
Кырдьаҕас ааспыты санаахтыыр,
Сэриигэ өстөөҕү сууһаран
Кыайыытын бар дьонугар анаахтыыр.

Кэпсиирэ норуотун иннигэр
Кэс тылын биэрэн барбытын,
Хараастан ийэтэ кэннигэр
Хараҕын соттон өр хаалбытын.

Тарбахха баттанар ахсааннаах
Биир буойун бүтэһик хаалыаҕа,
Оччоҕо ол ордубут тыыннаах
Кэриэстээн ааспытын саныаҕа.

Кыайыыга ситиспит хорсуҥҥун
Саҥа үйэ норуота умнубат,
Кэнчээри ыччакка — Эн суолун
Суруллан,хаһан да,сотуллубат!

              Онтуон.