Нам улууһун I Хомустааҕа 1654 нэһилиэнньэлээх. 2014 сыллаахтан олохтоох дьаһалта баһылыгынан В.Г. Жирков иккис болдьоххо талыллан үлэлиир. I Хомустаах социальнай тутуулардаах, үлэтин-хамнаһын көрдөрүүлэринэн Нам улууһун сайдыылаах нэһилиэктэриттэн биирдэстэрэ. Бүгүн баһылык Василий Жирков – биһиги хаһыаппыт ыалдьыта.
– Василий Гаврильевич, Сахабыт сиригэр тоҕус ыйдаах томороон тымныылар түмүктэнэн, сандал саас кэлбитинэн! Быйыл дьэ хаһааҥҥытааҕар да уһун тымныылар турдулар. Дьон–сэргэ сылтан ордук хааччахтааһын миэрэлэрин тутуһан, дьиэлэригэр олордулар. Ааспыт 2020 чэпчэкитэ суох сылы эһиги нэһилиэккит хайдах туораата?
– Ааспыт сыл аан дойду олоҕун тосту уларытта диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Элбэх былаан ыһылыннаҕа, ыытыллыахтаах тохтоотоҕо. Былырыын кулун тутар ыйтан, коронавирус инфекцията элбээн, туох баар маассабай тэрээһиннэр тохтотуллубуттара. Аан дойду үрдүнэн харыстанар дьаhаллары ыыппаттара буоллар, бу ыарыы өссө элбэх сиэртэбэлээх буолуо этэ диэн бэлиэтиэххэ наада. Биһиги нэhилиэкпитигэр оперативнай штаб тэрийиитинэн элбэх харыстанар, сэрэтэр уонна волонтерскай үлэлэр бардылар. Тохсунньуттан 1 Хомустаах участковай балыыhатын аата уларыйан, Кыhыл-Сыырдааҕы амбулатория уонна ЦРБ 10 куойкалаах отделениета диэн буолан үлэлээтэ. Сыл устата стационарга 252 ыарыhах, 36 оҕо, күнүскү стационарга 62 ыарыhах эмтэннэ. 2020 сыл кулун тутар 18 күнүттэн улуус бары балыыhаларыгар харантыын биллэриллибитэ.
– 2020 сылга 1 Хомустаахха тутуу эйгэтигэр туох үлэниыыттыгытый?
– Биһиги нэһилиэк араас программаларга кытынныбыт. Ол курдук, улахан үлэ хаарбах дьиэттэн көһөрүү программатынан ыытылынна. Элбэх квартиралаах 2 дьиэ тутулунна. 17 уонна 12 квартиралаах таас, толору хааччыллыылаах дьиэлэри А.С.Пинигин салайааччылаах “Прогресс” ХЭТ, солбуйааччы директор биир дойдулаахпыт Г.Д.Алексеев икки сыл тутан, саҥа дьыл саҕана үлэҕэ киллэрдилэр. Онон олохтоохтор үөрүүлэрэ муҥура суох.
Нэһилиэкпитин сайыннарыыга, турсарыыга өссө биир ситиһиибитинэн СР Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ыытар куонкурсугар кыттан, онно кыайыылааҕынан тахсан, олохтоох кулууппут фасадыгар улахан үлэ барда. Анал тимир лиис матырыйаалынан “облицовка” уонна уотунан сырдатыы үлэтэ оҥоһулунна.
Нэһилиэкпитигэр 3 уу ситимин линията үлэлиир, манна сыл аайы саҥардыы үлэтэ барар. 2020 с. 1 км уһуннаах пластиковай турбаны ыламмыт өссө эбэн биэрдибит. Онон нэһилиэкпит олохтоохторун 80 %-на сайыҥҥы өттүгэр уу ситимин өҥөтүнэн туһанар кыахтанна.
Д.Ф. Алексеев аатынан олохтоох орто оскуолабыт салалтатын туруорсуутунан, улууспут баһылыга Ю.И. Слепцов өйөбүлүнэн оскуолабытыгар благоустройство киирдэ, оскуола пищеблога, спортсаала, туалет пристройугар капитальнай өрөмүөн барда.
Бэйэбит күүспүтүнэн бэтэрээннэрбит балаҕаннарын, кухня дьиэтин көтүрэн, саҥаттан 72 кв. М кухня дьиэ тутулунна, өссө да үлэтэ салҕанар. Манна газкотел уларыйар, санузел, благоустройство киирэр, кухня саҥардыллар, матырыйаалын барытын ылан олоробут. “Сайдыы” эбии үөрэхтээһин дьиэтин тутарга анаан, эргэ улахан объегы көтүрүү үлэтэ нэһилиэк эр дьоно кыттыылаах уонна ООО “Прогресс”, ИП Олесов Л.И., КФХ-лар Дьячковская Э.С., Аргунов А.А. көмөлөрүнэн барда.
– Ыччат – нэһилиэк кэскилэ, инникитэ буоллаҕа, онон салгыы оҕо–аймах боппуруоһугар тохтоон ааһыахха?
-Биһиги нэһилиэкпитигэр Д.Ф. Алексеев аатынан орто оскуола, “Улыбка”, “Мичийээнэ”, “Сайдыы” уһуйааннар, эбии үөрэхтээһин дьиэтэ ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Оскуолабыт уопсайа 258 үөрэнээччилээх, 60 үлэһиттээх. Оскуола базатыгар 2017 сылтан бизнес-инкубатор үлэлиир.
Саҥа оскуола тутуутугар уонна республика саҥа оскуолаларын тутуутун испииһэгэр киирэригэр үлэ барар. Бу үлэ чэрчитинэн оскуола дьиэтэ хаарбах туруктааҕын быһаарар экспертиза үлэлээн, 76% хаарбах буолара бигэргэтиллибитэ.
“Улыбка” оҕо сайдар киинигэр 2020-2021 үөрэх дьылыгар 50 оҕо сылдьар. Уһуйаан барыта 19 үлэһиттээх. Уһуйаан иитээччилэрэ 5 хайысханан оҕону иитэллэр, үөрэтэллэр, куруһуоктары ыыталлар. Улуус баһылыга Ю.И.Слепцов ирдэбилинэн, уһуйааннарга английскай тылы киллэриигэ 5-с сылын үлэлииллэр. Эбии үөрэхтээһиҥҥэ фольклорга, үҥкүүгэ, тылы сайыннарыыгар араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Уһуйаан ис-тас үлэтин тупсарыыга марафоҥҥа киирбит харчынан балаҕан ыйыгар оҕолорго аналлаах сахалыы площадка уонна күнтэн хаххалыыр навес оҥоһуллан үлэҕэ киирбитэ.
Итини таһынан, «Кустук өҥнөөх оҕо саас» оскуолаҕа киирэр оҕолору бэлэмниир сайыҥҥы дистанционнай лааҕыр биир сезон үлэлээбитэ. «Мичийээнэ» оҕо саада 2019 сылтан «Доруобуйа сардаҥалара» бырайыагынан, улуустааҕы инновационнай площадка быһыытынан үлэлиир. Кэлэктиип нэһилиэккэ, улууска ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар.
Уһуйаан иитиллээччилэрэ араас таһымнаах күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кытталлар. Оттон “Сайдыы” оҕо айымньытын дьиэтигэр быйылгы үөрэх дьылыгар 6 хайысханан 8 куруһуок үлэлиир.
Барыта 20 араас үөрэх программатынан 225 оҕо дьарыктанар. 2020 сыл кулун тутартан дьарыктар дистанционнай көрүҥүнэн ыытылла тураллар. Оҕолор сынньалаҥ кэмнэригэр араас хайысханан онлайн маастар-кылаастар, куонкурустар, оонньуулар уо.д.а. ыытыллаллар.
Куруһуок оҕолоро Аан дойдутааҕы, Бүтүн Россиятааҕы, республикатааҕы араас күрэхтэргэ, фестивалларга, конкурстарга кыттан үгүс ситиһиилээхтэр.
– Дьэ кырдьык, нэһилиэк сайдыытыгар бүттүүн турунан үлэлиир эбиккит. Оттон культура эйгэтин сайдыыта эһиги нэһилиэккэ хайдаҕый?
– “ Культура” национальнай бырайыагынан олохтоох модельнай библиотекабыт федеральнай куонкуруска кыайан, республикаҕа тарбахха баттанар аныгы кэм библиотеката буоларыгар элбэх үлэ ыытылынна. Тутуу үлэтигэр улууспут салалтата, Намнааҕы библиотека ситимин салалтата, олохтоох дьаһалта, “Прогресс” ХЭТ биир киһи курдук ылсан үлэлээтилэр.
“Алгыс” норуот айымньытын киинэ “Культура” национальнай бырайыагынан салайтаран үлэлиир. Төлөбүрдээх өҥө үлэтигэр сыллааҕы былаанын 106 % толордо. Республика уонна олохтоох нэһилиэнньэ бары араҥатыгар 88 тэрээһиннэр ыытылыннылар. Үгүс тэрээһиннэр онлайн форматынан бардылар, элбэх конкурстар ыытылыннылар.
Т.Е. Бережнева директордаах Оҕо искусствотын оскуолатыгар ааспыт 2020 сылга 121 үөрэнээччини 6 отделениенан: фортепиано, уруһуй, хореография, вокальнай-хоровой, гитара кылааһа уонна театральнай кылааска үөрэттэ. Төһө да дистанционнай форманан үөрэммиттэрин иһин, республика, улуус быыстапкаларыгар, фестивалларыгар, куонкурустарыгар ситиһиилэрэ элбэх.
– Оттон Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүнэн ханнык тэрээһиннэр, хамсааһыннар ыытылынныларый?
– Кыайыы 75 сылын көрсө Кыайыы фондата тэриллэн, 15 тыыл бэтэрээнигэр 5000 сууммалаах биир кэмнээх көмөнү оҥорбуппут. Уопсайа 11 тыыл бэтэрээнигэр республикатааҕы “Забота Арчы” хаһыаты суруйтардыбыт. 90 саастарын туолбут кырдьаҕастарбытыгар “Ытык Саас” диэн бочуоттаах бэлиэни олохтооммут, ааспыт сылга 3 бэтэрээн “Ытык Саас” бочуоттаах бэлиэ хаһаайыттарынан буолбуттара уонна кинилэргэ 25000 суумалаах биир кэмнээх уу харчынан көмө туттарыллыбыта.
Өссө Кыайыы 75 сылын бэлиэтиир параадка бэлэмнэнэммит, Кыайыы болуоссатын саҥардыы, тупсарыы үлэтин 2019 сылтан саҕалаабыппыт. Ону тэнэ Албан Аат аллеята оҥоһулунна. Нэһилиэккэ Кыайыы 75 сылын көрсө 75 уот остуолбатын туруоран, 50 лет ВЛКСМ, Кэҥкэмэ, Лесная, Новая уулуссалар уоттананнар, олохтоохтор махталлара улахан.
Улуу Кыайыыны уһансыбыт, сэрии ыар сылын эттэринэн-хааннарынан билбит биир дойдулаахтарбытын үйэтитэр сыалтан, Н.В. Константинова уонна “Сайдыы” оҕо эбии үөрэхтээһинин киинэ “Уоттаах сэрии умнуллубат дуораана” диэн ааттаах уоттаах сэрии кыттыылаахтарын ахтыыларыгар олоҕурбут кинигэни бэчээттэтэн таһаардылар. Бу нэһилиэкпит олохтоохторугар дьоһуннаах бэлэх буолла диэн бэлиэтиибин. Саҥа тахсыбыт кинигэ инники тахсыбыт “Ол улуу сылларга сүгүрүйэбит” диэн тыыл бэтэрээннэригэр анаммыт, “Сэрии сылларын оҕолоро” кинигэлэри түмүктүүр трилогия буолар.
Нэһилиэкпит эдэр ыччатын көҕүлээһининэн араас таһымнаах үлэ ыытыллар. “Манна бэтэрээн олорбута” диэн табличкалары бэтэрээннэр олорбут дьиэлэригэр бэлиэ оҥорон туруорбуттара. Нэһилиэкпит талба талааннаах иистэнньэҥнэрэ Кыайыы 75 сылыгар анаммыт республикатааҕы акцияҕа кыттыһан, “Кыайыы болотунатын” тигэн туттарбыттара.
9 сыл устата нэһилиэкпит бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн М.Н.Дьяконов таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 2020 үбүлүөйдээх сылы түмүктээн, салгыы аҕа көлүөнэни түмээччинэн З.Е. Ощепкова талыллан, үлэтин саҕалаата.
– Василий Гаврильевич, эйигин биир дойдулаахтарын баһылык быыбарыгар иккис төгүлүн итэҕэйэн, эрэнэн талбыттар. Онон нэһилиэккин салгыы сатабыллаахтык салайан, түмсүүлээххитин көрдөрө тураргытыгар баҕарабын!
Екатерина Бястинова.
https://sakha-pechat.ru