Аҕа дойду Улуу сэриитин өрөгөйдөөх кыайыытын 70 сылын үөрэ-көтө бэлиэтиир кэммит тиийэн кэллэ. Бүгүн мин саха ньургун уола, гвардия сержана Харитонов Игнатий Васильевич туһунан кылгас ахтыыны суруйарга быһаарынным. Кини аҕата Василий Спиридонович (абааһы Баһылай) Нам оройуонун Хамаҕатта нэһилиэгин Долохонотун (ГАИ поһа) төрүт олохтооҕо. Сахалар сөҕүмэр уратылаах киһини «абааһы киһитэ» диэн сөҕөн-махтайан ааттыыллара. Ол курдук, Василий Игнатьевич Өлүөнэ өрүс тас салаата Долохоно аннынан сайын муҥутаан кэҥээн турдаҕына Кыбытыы арыыга оттуу киирэригэр салаа ортотугар дылы умсан, онтон харбаан ходуһатыгар киирэрэ үһү. Оннук аатырбыт ууһут бэрдэ эбит. Баһылайдаах 1921 сыллаахха Игнатий диэн уолламмыттар.
Игнатий Хамаҕаттаҕа 3 кылаастаах оскуола аһыллыбыт сылыгар (1933 c.) үөрэнэ киирбит. Онтон 7-с кылааһы бүтэрэн Алдаҥҥа хайа техникумугар үөрэнэ киирэр. Сэрии саҕаланыан иннинэ усулуобуйа ыараан, устудьуоннарга стипендияны төлөөбөт буолбуттарын кэннэ, дойдутугар төннөн кэлээтин кытта, Аҕа дойду сэриитэ саҕаланар. Кини тута военкомакка баран фроҥҥа ыыталларыгар көрдөспүт. 1942 сыл саҕаланыар дылы Сибирь куораттарыгар байыаннай үөрэххэ үөрэммит.
Игнатий Васильевич ахтыытыгар маннык суруйар: «1942 сыл Москва таһынааҕы кыргыһыыга 20-с стрелковай биригээдэ састаабыгар 76 мм ат сэп–сэбиргэлигэр сулууспалаабытым. Калинин куораты босхолооһуҥҥа кыттыбытым. Ильмень күөлгэ тиийэ уһун кыһыны быһа оборонаҕа турбуппут. Ол элбэх кыргыһыыттан биири быһа тардан кэпсээтэххэ маннык: Арай биир түүн окуопаҕа харабыл буоллум. Түүнү быһа олорон баран, сарсыарданан окуопа хайаҕаһынан көрдөхпүнэ, немец окуопатын бэтэрээ өттүгэр маҥан таҥастаах киһи күлүгэ элэс гынна. Миигиттэн 30 метрэ сиргэ икки немец түөстэригэр диэри окуопаттан быган биһигини көрөллөр эбит. Мин кыҥаан баран биирин ыттым — киһим өлөн бүк түһэн сытта, разведчиктар кэллилэр, өлбүт немеһи соһон аҕалбыттар, атыттара куоппуттар. Ураты кутталлаах разведчиктар былааннарын тохтоппутум иһин, хамандыырым өлбүт немец саппыкытынан, хамсатынан «наҕараадалаабыта».
Москва анныттан сэрии бүтүөр диэри кырыктаах кыргыһыыларга хорсуннук сэриилэспит Игнатий бэйэтэ да улахан кыахтаах, күүстээх, тулуурдаах киһинэн биллэрэ. Игнатий Васильевич мүччүргэннээх сырыыларыттан чопчулаан бэлиэтээтэххэ: 1) Бэйэтин 11-с аармыйатынан, 350-с ыарахан артиллерийскай гвардейскай полкатынан, номоххо киирбит Зоя Космодемьянская быраата, бэйэтэ хаамар сэп-сэбиргэл хамандыыра, Сэбиэскэй сойуус героя Александр Космодемьянскайы кэккэлэһэ уһуннук бииргэ сэриилэспитинэн киэн туттара.
2) 1944 сыллаахха Литваны босхолуур кыргыһыыларга илиинэн утары киирсиигэ сатабыллаахтык киирсибитин хамандыыра таба көрбүт уонна кини немец тэргэнин былдьаан өстөөххө уоту аспытын, сэрии сэттээх ыскылааты кытары тоҕо тэптэрбитин киэн туттан хайҕаабыт.
3) Илиҥҥи Пруссияҕа өстөөх доттарын урусхаллаан, Кенигсберы штурмалааһыҥҥа хорсунун көрдөрөн «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
4) «Багратион» диэн кодовай ааттаах Белоруссиятааҕы операция 1944 сыл бэс ыйын 23-29 күннэригэр барбыта. Ол сөҕүмэр операцияҕа I Прибалтийскай, I, II, III Белорусскай фроннар генеральнай кимэн киирсиилэригэр 2,4 мөл. киһи, 36,4 тыһ. тэргэн, 5,2 тыһ. танка, 5,3 тыһ. бойобуой самолет кыттыылаах операцияҕа кини эмиэ сэриилэспитин хас биирдии мүнүүтэтигэр, түгэнигэр диэри этигэр-хааныгар иҥэринэн, киэн туттан кэпсиирэ.
5) 1945 сыл муус устар 9 күнүгэр Кенигсберы ылыыга геройдуу охсуһан «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Госпитальтан тахсан танканы утарар 520-с кыргар полкаҕа сэп-сэбиргэлгэ сулууспалаабыта. Одер өрүһү туораспыта. 1945 сыл ыам ыйын 3 күнүгэр биһиэннэрэ Эльба өрүскэ американскай сэриилэри кытары көрсүбүттэрэ. Буойуннар ортолоругар саха уола Игнатий эмиэ баара.
6) Игнатий Васильевич бойобуой доҕоро Николай Баранов «… эн хаартыскаҥ уонна хорсун сырыыларыҥ туһунан суруйуу Орша музейыгар үйэ-саас тухары харалла сытар». Иккис суругар: «Пермскай уобаласка Сылва оскуолатыгар биһиги полкабыт музейын тэрийбиттэр. Эйиэхэ аналлаах туспа стендэ оҥорбуттар. Привет ыыталлар» диэн суруйбут. Дьэ, ити курдук, саха ньургун уолаттарын ыраах сытар уобаластар кытары киэн тутта чиэстииллэр эбит.
Игнатий 1946 сыллаахха тохсунньуга дойдутугар аҕатыгар Долохоноҕо эргиллэн кэлээт Ленин аатынан колхозка үлэлээбитинэн барбыта. Ол саҕана Долохоно икки улахан үчүгэйкээн ампаар дьиэлээҕэ. Хаҥас турар дьоҕус дьиэ кыра хоһугар аҕата Баһылай олороро. Сэрии бүтүөн иннинэ (кулун тутар диэки) бу дьиэҕэ биһиги алаастан көһөн киирбиппит. Инньэ гынан Игнатийдааҕы кытары дьукаахтаһан икки сыл бииргэ олорбуппут. Кини сэрии ыар олоҕун, кырыктаах кыргыһыыларын туһунан элбэҕи кэпсиирэ. Сайын от үлэтигэр кэбиһиигэ бастыҥ кыдамаһыт, күһүн бурдугу астааһыҥҥа молотилка тутаах үлэһитинэн буолара.
Игнатий Васильевич 1946 с. республикаҕа курдаһан тустууга чемпион үрдүк аатын ылбыта, ССРС гербэлээх күлүмүрдүү сылдьар бэртээхэй маайканан бириэмийэлэммит этэ. 1947 сыллаахха Саха АССР 25 сыла туолуутугар ыытыллыбыт спартакиадаҕа миигин оройуон сборнай хамаандатыгар киллэрэн ити үбүлүөйдээх сыл парадыгар кыттан правительство трибунатын аннынан парадтаһан ааспыппынан кырдьан олорон киэн туттабын. Биһиги Намтан 4-5-э этибит. Ол иһигэр фельдшеринэн үлэлиир Мария Ильинична баара. Кинилэр онно маҥнай билсибиттэрэ, доҕордоспуттара. 1948 сылга ыал буолбуттара, түөрт оҕоломмуттара. Улахан уол Василий Игнатьевич МВД үлэһитэ, билигин пенсионер, кыыһа Светлана Игнатьевна оҕо бырааһа, Лариса Игнатьевна — фармацевт. Икки кыралара (Лариса, Тамара) Дьокуускайга олороллор. Игнатий Васильевич оҕолоро, 11 сиэннэрэ, 5 хос сиэннэрэ эһэлэринэн киэн тутталлар.
Улуу сэрии актыыбынай кыттыылааҕа, милиция старшай лейтенана 81 сааһыгар Дьокуускайга олорон ыалдьан орто дойдуттан барбыта. Хорсун буойун албан ааттана турдун.
Ылдьаа Еремеев
20.03.2021 18:08 Энсиэли