Олоҕуҥ биир кэрэ-бэлиэ кэминэн, өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн эҕэрдэлиибит!
Эн 75 -һис хааргын санныгар көтөҕөн, дьиэ — уот тэринэн, төрүүр оҕону төлкөлөөн, сиэрдээх олоҕу тутуһан, дьон сиэринэн үлэлээн-хамнаан кэллин.
Олорбут олоҕун устун нэһилиэккэр, «Нам» совхозка өр сылларга тырахтарыыстаан, техниканы бэрийэр кистэлэҥин баһылаан, ыччаттары тимир көлө албастарыгар үөрэтэн кэлбит, бэйэҥ эйгэҕэр уһуйааччы аатын ылан, бар дьонун махталын ылаҕын.
Эн үлэлээбит үлэҕэр бэриниилээх уонна киэҥ көҕүстээх, эрэллээх аҕа табаарыс, эйэлээх дьиэ кэргэн, тапталлаах сиэннэргэр эйэҕэс эһээ буолаҕын.
Нэһилиэк культурнай олоҕун биир актыыбынай кыттааччыта буолан ыһыахтарга, фестивалларга саха фольклорун өрө тутан — олонхо, тойук, алгыс, оһуокай , хомус буоллун, барытыгар кыттыыны ылан дьон биһирибэлин ылын ылбытыҥ.
Баҕарабыт эйиэхэ чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, баҕа санаа бастыҥын, үтүө санаа үтүмэнин аныыбыт, дьоллоох соргулаах олоҕу !