Понедельник, 9 декабряРеспублика Саха (Якутия), Намский улус >
Shadow

I-ХОМУСТААХ НЭҺИЛИЭГИН ВОЛОНТЕРДАРА ТҮМСҮҮЛЭЭХТИК ҮЛЭЛИИЛЛЭР

Коронавирус дьаҥа тарҕаммыт ыарахан кэмигэр үтүө сыһыан, тулалыыр эйгэҕэ кыһамньылаах уонна харыстабыллаах буолуу баһылыыр суолталаннылар. Республикабыт бары улуустарыгар, нэһилиэктэригэр волонтердар хамсааһыннара тэриллэннэр улахан көмөнү оҥоро сылдьаллар. Нам улууһун 1-Хомустаах нэһилиэгин «Эрэл» эдэр ыччат түмсүүтүн иһинэн волонтер этэрээтэ киэҥ хайысхалаах үлэни ыытта. 


1-Хомустаах нэһилиэгин ыччата туора турбакка түмсэн, волонтер этэрээтин тэринэн, аҕам саастаахтарга уонна көмөҕө наадыйар дьоҥҥо-сэргэҕэ туһуламмыт араас акциялары, дьаһаллары ыыталлар, тус бириэмэлэрин-сыраларын ууран туран көмөлөһөллөр, өйөбүл буолаллар. Мин 1-Хомустаах нэһилиэгин «Эрэл» эдэр ыччат түмсүүтүн салайааччыта Сардаана Коврованы уонна сорох волонтердары кытта сэһэргэстим.

Сардаана Ивановна Коврова, «Эрэл» эдэр ыччат түмсүүтүн салайааччыта:

«Коронавирус дьаҥа тураатын кытта, кулун тутар 23 күнүттэн, ыччакка ыҥырыы таһааран волонтердар этэрээттэрин тэрийэн, үлэлээн-хамсаан киирэн барбыппыт. 18-35 саастаах араас үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр устудьуоннар, үлэһит ыччат бэйэтин баҕатынан кэлэн көмө буолар.
Чопчу хас киһи сылдьарын этэр кыаҕым суох, араас үлэлэргэ атын-атын дьону ыҥырабын. Холобур, биир киһи ааспыкка сылдьыбыт буоллаҕына, бүгүн кэлбэт. Араас үлэни барытын оҥоробут: сибэкки, мас олордобут, буор хаһабыт, сквердэри-аллеялары хомуйабыт, бөҕү ыраастыыбыт, аҕа саастаах дьоҥҥо, кыайан барар-кэлэр кыаҕа суох биир дойдулаахтарбытыгар көмө буолабыт, астарын, наадалаах малларын-салларын дьиэлэригэр тиэрдэбит.


Бастыҥ волонтердарбыт Барабанскай Иваны, Обутов Павелы, Лиханов Коляны, Азарова Нюргуянаны, эдьиийдии-балыстыы Сабина, Карина уонна Сабрина Евченколары, Азарова Диананы, Аргунова Сардаананы киэн туттан ааттыам этэ.
Ыарахана диэн, дьону мунньуу, ыҥырыы буолар. Сорох киһи иллэҥэ суох, эбэтэр кыайан кэлбэт түгэннээх. Ол да буоллар, бириэмэлэрин аттаран син-биир кэлэллэр, былааннаммыт үлэ тохтообот. Баҕа санаам диэн – ыччат волонтердууругар, үлэлииригэр-хамныырыгар үбүлээһин көмө баара буоллар. Холобур, бары биир өҥнөөх уопсай форма, таҥас ылынарбытыгар, бэйэбит бэлиэтии көрбүт ордук көхтөөх ыччаппытын чиэстииргэ өйдөбүнньүк бэлэхтэргэ кыра үп көрүллэрэ буоллар.
Инники былааммыт элбэх. Ол курдук, Кыайыы аллеятыгар сибэкки, мас олордуута, көҕөрдүү үлэтэ, нэһилиэкпит тас көстүүтэ тупсарыгар бэйэбит кылааппытын киллэрэр баҕа санаалаахпыт. Ону таһынан, тэрээһиннэргэ, дьаһалларга көхтөөхтүк кыттыахпыт, бэйэбит араас хабааннаах акциялары, семинардары, форумнары ыытыахпыт. Улуус волонтердарын «ватсаап» бөлөҕүн нөҥүө туох үлэ бара турарын, сонуннары, инники былааннары билсэ олоробут.


Түгэнинэн туһанан, ыччаппар, волонтердарбар махтанабын. Бу курдук бары түмсэн, төрөөбүт нэһилиэкпит чэчирии сайдарыгар көмө-тирэх буолуоҕуҥ диэн ыҥырабын».

Федора Иннокентьевна Евченко, волонтер:

“Волонтер диэн ис санаатыттан көмөлөһөр, дьоҥҥо үтүөнү баҕарар киһи дии саныыбын. Мин бу сааскыттан саҕалаан волонтердаабытым. Бэйэм ис баҕабыттан кыһаллан туран манна үлэлиибин. Идэбинэн эбии үөрэхтээһиҥҥэ информатика куруһуогун ыытар учууталбын. Билиҥҥи ыччакка куруук активист буоларга, волонтерствоҕа ыҥырдахтарына аккаастаммакка кэлэллэригэр, сырдыкка-ырааска талаһалларыгар баҕарабын”.

Павел Леонидович Обутов, волонтер, “Сардаҥа” кинотеатр сэбиэдиссэйэ:

“Волонтер диэн үлэлиирин сөбүлүүр, бэйэтин төрөөбүт сирин-буорун харыстыыр-харайар киһи дии саныыбын. Мин 2009 сылтан волонтерствонан сөбүлээн дьарыктанабын. Бэйэм баҕабынан манна сылдьабын, куруук үлэ аайы баарбын.
Биһиги коронавирус кэмигэр сибэкки олортубут, буор хастыбыт, общественнай миэстэлэри хомуйдубут, фонтаны ыраастаатыбыт, сууйдубут уонна дьоҥҥо араас көмөнү оҥордубут. Ыччакка чөл олоҕу тутустуннар, доруобуйаларын харыстаатыннар уонна олохпут тупсарын-сайдарын туһугар үтүөнү оҥордуннар диэн баҕарабын».

* * *

Уустук кэмҥэ дьон сомоҕолоһор, түмсэр диэн этэллэрэ кырдьык эбит. Үтүө санааттан көмөнү, туһаны оҥорор нэһилиэкпит ыччатынан киэн туттабыт. Дьаҥ турбут кэмигэр үлэлээбит үлэлэрэ, кырдьаҕаска-кыаммакка көмөлөрө өссө да салҕана туруоҕа диэн эрэллээхпит.

Анастасия Сивцева, ХИФУ ФЛФ журналистика салаатын 2-с куурсун студентката

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *