Пятница, 11 октябряРеспублика Саха (Якутия), Намский улус >
Shadow

САМААН САЙЫН КЭЛБИТИНЭН, САЙЫЛЫК КҮНҮНЭН!

Убаастабыллаах бар дьонум, Нам улууһун олохтоохторо!

Күүтүүлээх самаан сайыммыт эргиллэн кэлиитинэн, Сайылык күнүнэн итиитик- истиҥник эҕэрдэлиибин!
Ил Дархан Айсен Николаев 2018 сыл сэтинньи 6 күнүгэр таһаарбыт 150 №-дээх Ыйааҕынан ыам ыйын 22 күнүн Сайылык күнүнэн биллэрбитэ.
Сайылык күнэ – өбүгэлэрбит олохтообут үгэстэрин сөргүтүүгэ, омук быһыытынан уратыбытын көрдөрүүгэ, сиэрдээх олоҕу тутуһууга, тыа хаһаайыстыбатын үлэтин сайыннарыыга улахан суолталаах.
Нам улууһугар бүгүҥҥү күн туругунан 21 сайылык баар.
Хас сайын ахсын сайылыкка тыа хаһаайыстыбатын 150-ча кэриҥэ үлэһиттэрэ – ыанньыксыттар, бостууктар уонна сайылыкка олорор ыаллар көһөллөр.
Быйыл сайыҥҥы мэччирэҥҥэ улуус үрдүнэн 2 126 сүөһү тахсыаҕа.
Сайылыкка көһүү – бу саха норуотун тыйыс айылҕалаах, тоһуттар тымныылаах кыһыны этэҥҥэ туораан, үүт-ас дэлэйэр кэмигэр үктэммитин бэлиэтиир, хас эмит үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит үгэһэ.
Ону таһынан, олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыы үрдээһинигэр, үчүгэй хаачыстыбалаах, иҥэмтиэлээх этинэн уонна үүтүнэн нэһилиэнньэни хааччыйыыга дьоһун суолталаах.
Убаастабыллаах бар дьонум, Нам улууһун олохтоохторо!
Сайыҥҥы ыйдарга Ийэ айылҕабыт күөх быйаҥыттан сомсон, үрүҥ илгэни үрүлүтүөҕүҥ, үрдүк хаачыстыбалаах оту, сиилэһи бэлэмнээһин үлэтин үрдүк таһаарыылаахтык тэрийэн ыытыаҕыҥ.
Бүтүн Аан дойду үрдүнэн өрө турбут дьаҥ ыарыыта аастын, ыраас ыра санааларбыт туругурдуннар, бастыҥ баҕа санааларбыт туоллуннар, тыа киһитин олоҕо-дьаһаҕа тубустун !

Истиҥ эҕэрдэни, дириҥ ытыктабылы кытта Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *