12.05.2020 by bafan View this post on Instagram НАМ УЛУУҺУГАР УУ ТАҺЫМА Ыам ыйын 12 күнүнээҕи киэһэ 20:00 ч. туругунан Өлүөнэ өрүс Хаҥалас улууһун ааһан, Дьокуускай-Нам территориятыгар кэллэ. Ымыйахтаах сэл. уу таһыма 385 см (кутталлаах таһым 871 см), 4 чаас иһигэр +8 см эбилиннэ. Хатас сэл. уу тахсар (кутталлаах таһым 876 см), 4 чаас иһигэр +25 см эбилиннэ. Партизан сэл. уу тахсар (кутталлаах таһым 632 см), 4 чаас иһигэр +45 см эбилиннэ. Граф Биэрэгэр уу таһыма 676 см (кутталлаах таһым 950 см), 4 чаас иһигэр +19 см эбилиннэ. Онтон атын нэһилиэктэргэ уу тахсааһына улаханнык бэлиэтэнэ илик. Үөдэй нэһилиэгэ халаан уутугар бэлэмнэнэ олорор. Ол курдук, сүөһүлэрин, сылгыларын үүрэн саҕалаатылар, дьон-сэргэ малын-салын үрдүк сиргэ таһа сылдьар. Сайылыктарга уот киирдэ. Ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын быһаарыытынан, үүт тутар пуун бүгүҥҥүнэн үлэтин тохтотуоҕа. Халаан буолуон сөптөөх нэһилиэктэргэ улуустан эппиэтинэстээх дьон ананан халааҥҥа бэлэмэнэнии үлэни хонтуруоллуу сылдьаллар. Куораттан ыксаллаах быһыы-майгы анал оперативнай бөлөҕө кэлэрин күүтэбит. Улуус, нэһилиэк дьаһалталара, эппиэтинэстээх үлэһиттэр, туох баар тэрилтэлэр бэлэм олороллор. Уу ааһыар диэри ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйата дьуһуурустуба олохтоон, түүннэри-күнүстэри үлэлэтэр. Ону тэҥэ улуустааҕы биир кэлим дьуһуурустуба сулууспата үлэлиир: 42-5-08, 112. Ону сэргэ бүгүҥҥү күнүнээҕи сарсыарда 8:00 ч. туругунан Алдан өрүс хойутаан иһэрэ бэлиэтэнэр, Уус Майа территориятыгар муус хамнаабыта биллэр. Нам улууһун дьоно-сэргэтэ, чуолаан кусчуттар, булчуттар, өссө төгүл ууттан сэрэхтээх буоларгытыгар ыҥырабыт. #Намскийулус #Намулууһа #весеннееполоводье2020 #паводок2020 #КЧСНамцы «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата A post shared by Администрация МО Намский улус (@namsadm_official) on May 12, 2020 at 5:38am PDT