Понедельник, 9 декабряРеспублика Саха (Якутия), Намский улус >
Shadow

БАСТАКЫ ХОМУСТААХ КЭСКИЛЭ ЛЕОНТИЙ НИКОЛАЕВИЧ НЕУСТРОЕВ ҮТҮӨ ХОЛОБУРУН УМНУБАТ

Нам улууһун Д.Ф.Алексеев аатынан Бастакы Хомустаах орто оскуолатын 1994 сыллаах выпуһа үөрэх боруогун үктээбит күннэриттэн бүтэһик чуораан чугдаарбыт күнүгэр диэри “Кыһыл Сулус”, “Аҕа дойду сэриитин I истиэпэннээх кавалера”, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ Леонтий Николаевич Неустроев холобуругар иитиллэн, олоххо көрүүлэрэ – истиилэрэ, олоҕу анаарыылара атын.


Быйыл бу оҕолор Хомустаах орто оскуолатын бүтэрбиттэрэ номнуо 26-с сыла буолар. Алын кылааска үөрэппит, такайбыт ийэлэрин кэриэтэ киһилэрэ, учууталлара Степанова Марфа Гаврильевна 20 уол, 11 кыыс оҕолоох кылааһы илиитигэр ылан, уолаттарын өрө тутан, үлэтин тигинэччи саҕалыыр.
Өрүү буоларын курдук, хас уруок ахсын кылааска киириэн иннинэ аан нөҥүө оҕолорун саҥаларын иһиллээн, тура түһэн баран киирэрэ. Онно үөр чыычаахтар мустубуттарын санатардыы оҕолор саҥалара өрө чобуогураһара. 20 уолу биир кылааска тутар олус уустуктардаах, онон хайдах эрэ бу оҕолорго иитии атын ньыматын булан туһаннаҕына эрэ табылларын өйдөөн, нэһилиэккэ биир саамай убаастанар, ытыктанар, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнин Леонтий Николаевич Неустроев хорсун быһыытыгар холобурдаан, кинини бэйэтин кылааһыгар ыкса сыһыаран элбэх үлэни ыыппыта.
Леонтий Николаевич Неустроев 1905 сыллаахха Таатта улууһун Алдан нэһилиэгэр Булун бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Революция иннинэ Леонтий аҕалаах ийэтэ баайга хамначчыт этилэр. Ийэтэ ыарахан үлэтиттэн тэптэрэн хараҕа суох буолбута.
Бииргэ төрөөбүттэр сэттиэ эбиттэр – биэс уол, икки кыыс. Аҕатыгар көмөлөһөн, от-мас тиэйсэн, үс сыл батараактаабыта. Октябрьскай революция кыайбытыгар, үлэһит киһи сырдык күнэ тахсыбытыныы олус үөрэн-көтөн көрсүбүт.
16 саастааҕар Уус-Тааттаҕа аһыллыбыт бастакы советскай оскуола 1 кылааһыгар үөрэнэ киирбит. 1924 сыллаахха Ленинскэй комсомол чилиэнинэн ылыллыбыт. Олохтоох ревком үлэтигэр оҕо сааһыттан көмөлөһөн барбыт. Үрүҥ баанданы букатыннаахтык эһиигэ 19 сааһыттан илиитигэр саа-саадах тутан актыыбынай кыттыыны ылбыт.
1924 сыллаахха Верхоянскай тракка Тукулаан Бараайы нэһилиэгэр олохтоох бандьыыт Слепцов салайааччылаах үрүҥнэр утары И.Я. Строд этэрээтин взводугар сылдьан кыргыспыт. Кини оччолорго 19 саастаах эбит. Ол хапсыһыыга уҥа быттыгар граната оскуолката хатаммыта олохтон туоруор диэри хаалбыта.
Дьокуускайдааҕы советскай-партийнай оскуолаҕа үөрэнэ киирэр. Биир сыл үөрэммитин кэннэ онно-манна үрүҥ бандьыыттар тобохторо төбөлөрүн өндөтөллөр. Кини үөрэҕин тохтоторго күһэллэр. 1927-1928 сылларга Уолбаҕа кыһыл дружина начальнигынан ананар, Леонтий Неустроев – Харах Сэмэн диэн ааттаах бандьыыты туппутун иһин И.Я. Строд аата суруллубут анал саанан наҕараадаланар.
1928-1929 сылларга Таатта улууһун комсомольскай ячейкатын сэкирэтээринэн, ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Тааттаҕа партия райкомун сэкирэтээринэн үлэлиир кэмигэр Боссоойко хамандыырдаах этэрээти урусхаллыыллар.
1934 с. Москватааҕы Сталин аатынан КУТВ ( коммунистический университет трудящихся Востока) үөрэнэн бүтэрэр уонна байыаннай политрук курсугар үөрэнэр. Университекка үөрэнэр кэмигэр Саха сирин землячестволарын бэрэссэдээтэлинэн быыбарданан үлэлээбитэ. Землячество салайыы үлэтигэр П.А.Ойуунускай, А.И.Мординов, С.Я.Эртюков, А.А.Пономарев курдук саха биллиилээх дьоно бааллара. Леонтий Николаевич бэйэтин ахтыытыттан: «Саха сириттэн үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьар 93 студены дьиэнэн хааччыйыы, үөрэххэ киирэригэр көмөлөһүү, үбүнэн көмө, биир дойдулаахтарбытын атын омуктары кытта билиһиннэрии үлэлэрин ыытарбыт. П.А. Ойуунускай сүбэтинэн Серго Орджоникидзе, Емельян Ярославскай кэбиниэттэригэр приемнарга сылдьыталыырым, үгүс сүбэни, көмөнү ыларым».
Л.Н. Неустроев 1934 с. Москубаттан үөрэҕин бүтэрэн кэлээт партия уобаластааҕы кэмитиэтин инструкторынан, онтон Амма оройуоннааҕы партия кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн 1938 сылга диэри үлэлээбитэ уонна бу сыл репрессияҕа түбэһэр. Кини П.А.Ойуунускайы кытта ыйы кыайбат биир камераҕа хаалла сыппыттар, бу кэмҥэ Ойуунускай эппит тылларын умнубаттык хатаабыт: “Суукка тиийдэрбит буруйа суохпутун дакаастаһыа этибит…
Куттанымаҥ. Санааҕытын түһэримэҥ…Кырдьык кыайыа. Киһи биирдэ төрүүр, онно чиэһинэйдик олорон ааһыахха наада…”
1940-1941сс. репрессияттан босхолонор уонна РСФСР балыгын промышленнай парткомун старшай инструкторынан үлэлиир.
От ыйын 30 күнэ 1941 сыл Дьокуускай сэриигэ барар буойуннарынан күөстүү оргуйар. Леонтий Николаевич сэрии саамай кырыктаах уотун ортотунан сылдьыбыт хорсун буойун буолар. Бэс ыйын 12 күнүгэр 1942 с. Харьков куорат аннынан төбөтүгэр уонна атаҕар бааһырар, ол содулугар кини 8 ый госпиталга сытан эмтэнэр. 1943 с. Чита куоракка кэлэн, үрдүкү стрелковай байыаннай бэлэмнэнии курсун бүтэрбитэ, онтон илин Маньчжурия быыһыгар 584-с чааска учебнай пууну салайар. 1943-1944 сс. сэриигэ ылбыт бааһырыыта улахан буолан армияттан демобилизацияланар уонна Алдаҥҥа, 1944-1946сс.Чурапчыга райвоенкоматтарга үлэлээбитэ.
Гражданскай сэрии, Халхин – Гол, Аҕа дойду уоттарын төлөнүн ортотунан ааһан, сахаларга биир аатырар киһибит. Леонтий Николаевич Кыһыл Сулус, Аҕа дойду сэриитин I степеннээх, Монголия народнай республикатыттан орденнаах, бойобуой үтүөлэрин иһин 16 мэтээллэр кавалердара. Кини 1960 с. бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри эппиэттээх дуоһунастарга үлэлээбитэ.

Нам улууһун 1 Хомустаах нэһилиэгэр олохсуйбута. Кырдьар сааһыгар диэри күүһэ баарынан производство сайдыытыгар көмөлөспүтэ. Эдэр көлүөнэни иитиигэ – үөрэтиигэ күүс – көмө буолбута. Сайынын аайы «Нам» совхозка оскуола оҕолорун үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар наставниктаабыта.

Бастакы Хомустаах орто оскуолата. 1984 сыл. Кылаас чааһа. Ыам ыйын сааскы чаҕылхай сардаҥата түннүгүнэн өҥөҥнүүр. Түөрт уруок кэнниттэн кэнники паартаҕа олорор уолаттар сылааска балыйтаран нуктуох олороллор. Эмискэ, кылаас аана аһылла түһээт, кырыктыйбыт баттахтаах, дьоройбут көнө уҥуохтаах, түөһүгэр толору уордьан иилиниилээх, бииргэ үөрэнэр кыыстарын эһэтэ Леонтий Николаевич Неустроев оргууй аҕай үктээн кылааска киирдэ. Били, нуктуу олорбут уолаттарбыт паарталарыттан ойон тураат дорооболоһон доргуттулар.
Учууталлара Марфа Гаврильевна кылааһын оҕолоругар ким кэлбитин сиһилии билиһиннэрэн, сэрии туһунан кэпсээнин болҕойон истэллэригэр эттэ. 45 мүнүүтэ устата 20 уол, 11 кыыс төбөлөрө лэкээрийэн, харахтара уоттанан бэтэрээн кэпсээнин умсугуйан иһиттилэр. Мэктиэтигэр, оҕолор бэйэлэрэ герой буолуохтарын, кими эрэ туохтан эрэ көмүскүөхтэрин санаатылар.


Бу кылааска бииргэ үөрэнэр кыыстара Иванова Марианна герой эһэлэҕэр ымсыырдылар, киэн тутуннулар. Дьэ, бу күнтэн ыла бастакы кылаас оҕолоругар ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу иитиитэ саҕаламмыта. Учууталлара Марфа Гаврильевна түгэн буолла да, сотору-сотору нэһилиэк бэтэрээннэрин ыҥыран, оҕолоругар кылаас чаастарын ыытара.
1987 сыллаахха ыам ыйын 19 күнүгэр бу кылааска Леонтий Николаевич Неустроев аатынан пионерскай этэрээт тэриллэр. Пионерскай дружиналар старшай пионер баһаатайдара Кривошапкина Вера Ивановна элбэх уоллаах кылааһы тута сөбүлүү көрбүтэ, оскуола иһинээҕи ыытыллар мероприятиеларыгар этэрээти түмэн барбыта.
Бу күннээҕи олоххо мэлдьи көрө сылдьар аҕа көлүөнэ холобурун батыһыы киһи буолан тахсарга улахан көмө этэ. Ол курдук, бу кылаас ыстаал уһаарылларын тэҥэ, үс сыл алын кылааска сэрии бэтэрээннэригэр иитиллэн 4-с кылаас боруогун үктүүллэр. Учууталлара Елена Васильевна Колесова, Матрена Васильевна Соловьева иитиллэн кэлбит идеалларыгар олоҕуран, салгыы ол ситими быспакка патриотическай хамсааһыны саҕалыыллар. Күһүн, саас баһаатайдарын кытта соҕотох олорор уонна кыаммат ыарыһах кырдьаҕастарга мас хайытыытыгар, саһаан сааһытыгар, хаар түһэриитигэр, муус киллэриитигэр этэрээтинэн баран үлэлииллэрэ. Дьэ, онно биллибитэ оскуола саҕаттан уол киһи уонна эр киһи ханнык баҕар үлэҕэ хотуулаах, кыайыылаах буолар чахчыта.
1984-1987 сыллардааҕы пионердар билиҥҥи экономистар, аспираннар, юристар, быраастар, культура үлэһиттэрэ...” – диэн Елена Ивановна Неустроева, “Эҥсиэли” хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, элбэхтик оҕолору хаһыакка сырдатан турардаах. «Оскуола иитиллибит оҕолорунан» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Эн үөрэппит оҕоҥ учууталыгар анаан сылаас тыллары ис сүрэҕиттэн махталын тиэрдэр буоллаҕына, бу учуутал ситиһиитэ суругунан суруллубат, тылынан этиллибэт дьоло буолар.
1994 сыллаахха 32 оҕо буолан 2 кылаас оскуоланы түмүктүүллэр. Хас биирдии бэйэлэрэ анал ыллык суолларын устун саҥа, атын олооххо үктэнэллэр. Бу олоххо оскуолаттан ылбыт билиилэрэ, көрсүбүт үтүө дьон холобура кинилэр атахха турууларыгар улахан олук буолбута.
Былырыын күһүн, 2019 сыл, кинилэр оскуоланы бүтэрбит 25 сыллара, онно тапталлаах оскуолаларыгар “Билии кыһата” диэн ааттаан, киирии аркатын оҥотторон бэлэх ууннулар. Оттон 20 сылларыгар Д.Ф.Алексеев аатын сүгэр оскуолаларыгар кини бюстун оҥотторон бэлэхтээбиттэрэ. Маҥнайгы учууталлара Марфа Гаврильевна Намнааҕы педагогическай училищены бүтэрбитэ үбүлүөйдээх сылынан, үөрэнээччитэ А.И.Иванов 50 хатыҥ маһы түөрэн аҕалан НПК “Сквер выпускников” олордулунна.
Күн бүгүн бу хамсааһыны үйэтитэн, Жиркова Дария Михайловна патриотическай иитиини баай уопуттаах бэтэрээн учууталтан М.Г.Степановаттан ылынар.
Ити курдук Леонтий Николаевич Неустроев бу оҕолор олоххо атын көрүүлээх иитиллэн тахсыыларыгар сүҥкэн дьайыылаах. Кини Аҕа дойду сэриитин 50 сыллаах үбүлүөйүн 90 сааһыгар көрсөр дьолломмута. Төрөөбүт Тааттатын улууһугар, сэрии кэнниттэн олорбут, үлэлээбит Бастакы Хомустааҕын нэһилиэгэр ыытыллар Кыайыы бырааһынньыгын параадыгар көтүппэккэ кэриэтэ сылдьара.
Олох уонна охсуһуу албан ааттаах суолун аспыт сэрии уонна үлэ бэтэрээнэ, коммунист Леонтий Николаевич Неустроев көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ааттана туруоҕа!

Ааптар: Л. МОСКВИТИНА.

11 мая 2020 г, Издание: Газета «Энсиэли»

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *