Былыр саха киһитэ айылҕа тугу биэрбитинэн аһаан-сиэн, таҥнан-симэнэн, дьиэ-уот оҥостон, сылгы, сүөһү ииттэн олорбута. Булчут айылҕаҕа сылдьар кэмигэр сиэри-туому тутуһуохтаах, өбүгэлэр олохтообут үтүө үгэстэрин кэһиэ суохтаах. Кэнники сылларга ыал ийэтэ эмиэ улахан булка сылдьар буолла. «Эҥсиэли» хаһыат кэрэспэдьиэнэ биир оннук дьикти дьарыктаах, булт абылаҥар ылларбыт Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо Екатерина Элляевна Бурнашевалыын кэпсэттэ.
– Екатерина Элляевна, бэйэҥ тускунан кылгастык кэпсээ эрэ.
– Мин оҕо сааһым Бастакы Хомустаахха ааспыта, онно улааппытым, үөрэммитим. 1960 сыл сэтинньи 13 күнүгэр Эллэй Николаевич Константинов уонна Татьяна Васильевна Новгородова дьиэ кэргэннэригэр соҕотох кыыс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Аҕам сааһын тухары «Нам» сопхуоска суоппардаабыта, ийэм – общественник, салайар үлэҕэ үлэлээбитэ, партиялаах этэ. Бииргэ төрөөбүт икки убайдаахпын. Улахан убайым Николай Элляевич Константинов (Модун) билигин мас тардыһыыга Россия кылаабынай тренерэ, иккис убайым Виктор Элляевич Константинов – пенсионер. 1978 с. Хомустаах орто оскуолатын бүтэрбитим. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбэр спордунан утумнаахтык дьарыктанарым, волейболу, баскетболу сөбүлээн оонньуурум. Бэйэм Райпоҕа өр кэмҥэ атыыһытынан, кыладапсыыгынан үлэлээбитим.
Нам улууһугар биир бастакынан «Барыс» такси ситимин арыйан, күн бүгүнүгэр диэри үлэлии-хамныы олоробут. Кэлэктииппитигэр 30-ча массыыналаах эр дьонноохпут. Уонча диспетчер үлэлиир. Улахан эр дьон кэлэктиибэ буоларын быһыытынан, бырааһынньыктарга, араас бэлиэ түгэннэргэ түмсэ, муста сатыыбыт. Араас күрэхтэри ыытаабыт. Намнааҕы саастарын ситэ илик оҕолор социальнай-реабилитационнай кииннэригэр куруутун тырааныспарынан көмөлөһөбүт, араас аахсыйаларга кыттыһабыт.
Кэргэним Илья Константинович Бурнашев «Барыс» такси салайааччыта. 1979 с. оскуолаҕа бииргэ үөрэммит уолбун сүрэхпинэн сөбүлээн, таптаһан, ыал буолан олорбуппут номнуо 41-с сыла буолар. Үс оҕону төрөтөн, билигин 8 сиэн тапталлаах эбэтэ, эһэтэ буолабыт. Улахан уол – Альберт Ильич НПК–ны бүтэрэн баран, билигин индивидуальнай предприниматель, таксист, 3 оҕолоох, Намҥа олороллор. Соҕотох кыыспыт – Нюргуяна Дьокуускайга Якутскэнерго инженер-экологынан үлэлиир, биир оҕолоох. Кыра уол – Владимир «Көрүн» диэн рекламнай хампаанньалаах, английскай тыл тылбаасчытынан үлэлиир, Санкт-Петербурга офистаах, 4 оҕолоох. Оҕолору иитиигэ улахан болҕомтону уурарбыт, билигин оҕолорбут улаатан номнуо бэйэлэрэ ыал аҕалара, ийэтэ буолан олороллор. Киһи эрэнэр оҕолордоохпуттан киэн туттабын, үөрэбин.
– Айылҕаҕа сылдьарга, булка-алка ким эйигин үөрэппитэй, угуйбутай?
– Оҕо эрдэхпиттэн айылҕалыын алтыһа улааппытым. Убайым Хомустаах уонна Үөдэй икки ардыгар кустууругар миигин илдьэ барара. Онно хомус быыһыгар өр да өр олорорум. Оттон биир убайым үөрэнэ, биир убайым үлэлии барбыттарыгар, аны миигин аҕам илдьэ сылдьар буолбута. Тохсус кылааска үөрэнэ сырыттахпына эһэм миэхэ биир уостаах 16-лаах сааны бэлэхтээбитэ.
Урут тэрилтэнэн куобахтыы тахсаллара, куобах күрэҕин тэрийэллэрэ. Арай биирдэ мин аҕам аах мастарыскыайдар, гараастар диэн отучча эр дьон буолан куобахха бардылар, аҕам миигин илдьэ барбыта. Бииргэ үлэлиир кэлиэгэлэрэ улаханнык сэҥээрбэтэхтэрэ. Ол куобах күрэҕэр саамай элбэх куобаҕы мин өлөрбүтүм. Онон ити сыл мин булка сүрэхтэниим буолбута. Аҕам табаарыстара миигин көрдүлэр эрэ илии тутуһар буолбуттара.
– Булчут үксэ бултуу сылдьан мүччүргэннээх сырыыга түбэһэр. Эйиэхэ оннук түгэннэр бааллар дуо?
– Арай биирдэ саас, арыыга куска киирэн баран, өрүс эстэр кэмигэр түбэспиппит. Ырбыы тахсыбытыгар муустар үрдүлэригэр ыстана-ыстана баран испиппит, мин көхсүбэр рюкзак сүгэ сылдьарым. Рюкзагым ыйааһына баттаан, атахпар кыайан тирэммэккэ, өрүскэ ууга туспутум. Хата, барыта этэҥҥэ буолан, дьиэбитигэр кэлбиппит.
– Эн санааҕар булт кистэлэҥэ туохха сытарый?
– Айылҕаҕа сылдьарга бары биир хамаанда курдук буолуохха наада. Биһиги оҕолорбутун тэҥҥэ илдьэ сылдьааччыбыт. Бэйэм кэргэммин кытта түүннэри ыллыбыт да куска барааччыбыт. Саас уонна күһүн куска, мас көтөрүгэр, көҥүллээх буоллахпына улахан кыылга сылдьабын. Аҕабыт үүтээнигэр дьиэ кэргэнинэн тахсааччыбыт. Эдэр сылдьан Өймөкөөҥҥө кэргэним улахан эдьиийигэр баран кэлбиппит. Онно тиийэн балык бөҕөтүн хаптаран турабын. «Дайды кыыһа балыксыт эбит», – диэбиттэрэ.
– Тыаҕа кимниин бараҕын, чугас дьүөгэлэриҥ эн дьикти дьарыккын туох дииллэрий?
– Тыаҕа, эппитим курдук, үксүн дьиэ кэргэммин кытта сылдьабын. Аны кэнники кэмнэргэ дьүөгэлэрбин соһор буоллум. Тыаҕа тахсан сынньанан, чэбдигирэн кэлэллэр.
Бултаабыт аспын үксүн кэргэним ыраастыыр, оттон буһарааһынын, дьиэ хаһаайката буоларым быһыытынан, бэйэм астыыбын. Улахан уолум духовкаҕа олус минньигэс гына буһарааччы.
– Арай эн тыаҕа тахсан баран мунан хаалбыт буол, сибээс суох, ыһыгыҥ кыра. Соҕотоҕун тыаҕа хонуоҥ этэ дуо? Маннык түбэлтэҕэ түбэспит дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Саамай сүрүнэ ыгылыйымыахха наада. Дьиҥнээх булчуттар тыаҕа таҕыстахтарына сирдэрин–уоттарын, күн хантан тахсарын көрөн, бэлиэтии сылдьаллар. Сыл аайы дьыл араас кэмнэригэр айылҕа араас бэлиэ түгэннэрдээх буолар, айылҕа оҕото буоллаххына муммаккын. Олох муннахпына хонор буоллаҕым, куттаммаппын.
– Биһиги бары айылҕа оҕолоро буолабыт, дьахтар барахсан сир симэҕэ, кэрэни-үтүөнү түстүү сылдьар киһинэн буолар. Эн саамай сөбүлүүр сибэккиҥ, кыылыҥ, көтөрүҥ?
– Саха сирин биир саамай кыраһыабай сибэккитэ – “Сардаананы” ордоробун, кыылга – туртас дии саныыбын, кинилэр наһаа нарыннар, үчүгэйдэр. Көтөрдөргө, биллэн турар, кыталык буолар. Биирдэ кыталыктары көрөн турардаахпын. Саамай кыраһыабай, намчы, киһи дууһатын ортотунан киирэр, чахчы даҕаны саха сирин биир дьикти көтөрдөрө буолаллар.
– Тыаҕа сылдьан сиэри-туому төһө тутуһаҕыный? Ханнык саалааххыный? «Эҥсиэли» хаһыат ааҕааччыларыгар баҕа санааҥ.
– Мин ТОЗ-12-лээх саалаахпын. Таҥараны итэҕэйэр буоламмын, сиэри-туому хайаан да тутуһабын, хайаан да таҥараттан көрдөһөбүн. Ийэ киһи быһыытынан дьиэ кэргэҥҥэ бэйэ-бэйэни өйдөһүүнү, бары иллээх буоларгытыгар, чөл олоҕу баҕарыам этэ, ыарыы ыалласпатын, тумуу тумуннун, Байанайгыт мичик гыннын! Биһиги аар тайҕабытын, тулалыыр айылҕабытын мэлдьи харыстыаҕыҥ! Оччоҕо эрэ көтөр-сүүрэр үөскүү, Баай Байанайбыт араас булдунан күндүлүү туруоҕа.
– Үтүө кэпсээниҥ иһин махтал буоллун. Дьиэ кэргэҥҥэр дьолу, этэҥҥэ буолууну баҕарабын. Аар тайҕа аартыккын арыаллаатын, Баай Байанайыҥ күндүлүү турдун.
Кэпсэттэ Н.Д. СИВЦЕВА.
Источник: https://ulus.media/2020/04/24/baaj-bajanaj-argystaah-nam-kere-a-ara-ekaterina-burnasheva/